Жиркова Аграфена Романовна (1929-1999 гг.)

 

Төрөөбүт сирэ : Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэ

Мин хос эбэм Аграфена Романовна Арамаан уонна Өлөксөөс Жирковтар дьиэ кэргэн соҕотох мааны күүтүүлээх оҕолоро эбит. Оҕо сааһа Хотуйа үрэх сыһыыларыгар ааспыта. Кыра сааһыттан күлэн-мичилийэн, оҕо-оҕо курдук оонньоон улааппыт. Төһө да кыратын иһин Аҕа дойдутааҕы сэрии кэмнэригэр улахан дьону кытта Амма уҥуор турар Чапаев аатынан колхозка үлэлээн саҕалаабыт. Кыра оҕолор сиэмэ хомуурун саҕана сиэрпэнэн сиэмэ быһан, түүтэх баайсаллара. Хос эбэм бурдук баайыыга да, хомууругар да үрдүк көрдөрүүлээх эбит. Онно үлэлээбит дьон ахтыыларыгар мин хос эбэм саамай элбэҕи хомуйар эбитэ үһү. Бэйэтэ сэмэй буолан, ол ситиһиилэрин оҕолоругар да, сиэннэригэр да кэпсээбэтэх. Кэлин улаатан баран, бу колхозка ыанньыксыттаабыт, өр кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбит.

Аҕа дойду сэриитэ хас биирдии киһи, биирдии ыал сүрэҕэр дириҥ бааһы хаалларбыта. Бу кэмнэргэ тыҥа ыарыыта элбээн, туберкулез утары охсуһуу саҕаламмыта. Амматааҕы туберкулез балыыһатыгар хос эбэм Аграфена санитарканан үлэлии киирбитэ. Ыарыһахтар,үлэһиттэр махталларын ылан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. “Коммунизм тутуутугар” диэн хаһыакка элбэхтик ахтыллан суруллубута.

Аграфена Романовна 5 оҕолонон, элбэх сиэннэрдээх, хос уонна хос хос сиэннэрдээх.  “Ийэбит үлэтин таһынан иистэнэр дьарыктаах этэ. Быыс булан биһиэхэ барыбытыгар таҥас тигэрэ ”, -диэн оҕолоро ахталлар.

Мин хос эбэм – тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана “Килбиэннээх үлэтин иһин” уонна да элбэх үбүлүөйнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, элбэх бочуотунай грамота ылбыта. Кини үтүө аатын үтүмэн үгүс сылларга үйэтитэ туруохпут.

 

 

Автор: А.Захарова, ученица 8 класса.