Захарова Мария Ильинична (1933 г.р.)

 

Мин хос эбэм Захарова Мария Ильинична тохсунньу 10 кунугэр 1933 сыллаахха тереебутэ. Кини тулаайах буолан кыра эрдэ5инэ детдомтан Чурапчы Чыаппаратын ыала Протодьяконавтар иитэ ылбыттар.

Сэрии ыар сылларыгар эбэм олох кыра сааьыттан колхозка улэлээбитэ. Саас ыьыыга о5ус сиэтиитигэр, сайынын окко, куьунун бурдук баайыытыгар улэлээбит. Ол кэнниттэн бааьынаны сиик саптаран сухалыыллар эбит. Кыьынын субай суеьу керуутугэр улэлээбит. Кэнники 14 сыл устата Карл Маркс аатынан колхозка ыанньыксыттаабыт.  1959 сыллаахха хос эьэбинээн Сокольников Егор Ивановичтыын ыал буолбуттар. Икки о5оломмуттар, улаханнара кыыс мин эбэм Решетникова Елена Егоровна уонна таайым Захаров Егор Егорович. Хос эьэм ыалдьан елбутун кэннэ хос эбэм иккистээн кэргэн тахсан Уус-Алдан, Курбуьах нэьилиэгэр олохсуйа кэлэр, ус кыыс о5олоноллор. Курбуьахха кэлиэ5иттэн интернат школатыгар ньээнькэнэн улэлээбитэ онтон пенсия5а тахсыбыта. Ол курдук, хос эбэм «Сэрии сылларыгар тыылга килбиэннээх улэтин иьин», Сталин тебелеех мэтээлинэн, улэ ветеранын, Улуу Кыайыы юбилейнай мэтээллэринэн на5араадаламмыта, Курбуьах нэьилиэгин, Уус-Алдан улууьун бочуоттаах олохтоо5о знагы ылбыта.

Быйыл хос эбэм Мария Ильинична о5олорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин сылаас сыьыаннарыгар бигэнэн 92 сааьын томточчу туолан дьоллоохтук олорор. Эбэм оонньооботох о5о сааьын, аччык аас-туор оло5ун, илии ыарахан улэтигэр сылдьыбытын, биьиги дьоллоох олохпутун уьансыбытын йэлэр тухары умнуохпут суо5а. Мин хос эбэбинэн киэн туттабын!

 

Автор: А.Решетников, ученик 2 класса.