Эһээм Захаров Николай Титович 1929 с. Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөн тулаайах хаалбыта, Таайыгар иитиллибитэ.
9-10 сааһыттан колхуоска оҕус сиэтииттэн саҕалаан бары үлэҕэ мискиллэн барбыта. Кыра эрдэҕиттэн оҕо саас диэни билбэккэ үлэ үөһүгэр умса түспүтэ.
Тыыл, үлэ ветерана, сэрии оҕото, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын ытык кырдьаҕаһа.
Кэргэнинээн Анна Алексеевна Сыромятниковалыын 68 сыл бииргэ олорон кэллилэр. 5 оҕолоохтор, 7 сиэннээхтэр, 13 хос сиэннээхтэр.
Билигин Арыылаах нэһилиэгэр олороллор. Эһээм иллэҥ кэмигэр кустуурун, сир астыырын, айылҕаҕа сынньанарын сөбүлүүр.
Автор: Ю.Аргунова, ученица 4 класса.
Воспоминание от внучки О.Аргуновой, ученицы 6в класса.
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии оҕото, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Эһээм Захаров Николай Титович 1929 с. Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ, төрөппүттэрэ эрдэ өлөн тулаайах хаалбыта. Таайыгар иитиллибитэ. 9-10 сааһыттан колхуоска оҕус сиэтииттэн саҕалаан бары үлэҕэ мискиллэн барбыта. Кыра эрдэҕиттэн оҕо саас диэни билбэккэ үлэ үөһүгэр умса түспүтэ. Тыыл, үлэ ветерана, сэрии оҕото, Саха республикатын ытык кырдьаҕаһа. Эбээлиин Анна Алексеевна Сыромятниковалыын 68 сыл бииргэ олорон кэллилэр. 5 оҕолоохтор, 7 сиэннээхтэр, 13 хос сиэннээхтэр. Билигин Арыылаах нэһилиэгэр олороллор. Эһээм иллэҥ кэмигэр кустуурун, сир астыырын, айылҕаҕа сынньанарын сөбүлүүр.