
Захаров Ион Семенович (1886-1942 (1943)
Мин аҕам өттүнэн хос эһэм Захаров Ион Семенович (Дьуона) Чурапчы холкуостарын хоту көһөрүү кыттыылааҕа.
Кини 1886 сыллаахха Чурапчы оройуонун Төлөй нэһилиэгэр төрөөбүт. Аатырбыт Хабырыыс ойуун сиэнэ буолар.
Сэрии саҕана «Олоххо киирии» холкуос чилиэнэ эбит. Кэргэнинээн Неустроева Ирина Андреевналыын 13 о5оломмуттар эбит. Ол гынан баран 3 эрэ оҕо тыыннаах ордон уһуннук олох олорбуттар. Атын оҕолор үксүлэрэ олох кыра саастарыгар өлбүттэр. Ирина Андреевна 1938 сыллаахха 41 эрэ сааһыгар сэллик ыарыыттан өлбүт эбит.
1942 сыллаахха Кэбээйигэ көһүүгэ баралларыгар Ион Семенович 3 оҕотун, сиэнин, эбэлэрин соһон барбыт. Бэйэтэ 52 саастаах эбит. Эбэлэрэ Алааппыйа 73 саастаах икки хараҕа суох эмээхсин, улахан кыыһа, мин эбэм Зоя Ионовна сүүрбэтин эрэ ааспыт, 8 ыйдаах Оппуонньа диэн уолунаан, кыра кыыһа Өрүүнэ 13, уола Дьөгүөр 11 саастаах эбиттэр. Онон кинилэр дьиэ кэргэнтэн 6 киһи барбыт. 2-3 ынах сүөһүлээх, 1 биэлээх эбиттэрэ үһү. Кэбээйигэ Аппаайы диэн сиргэ олорбуттар. Тиийээт да хос эһэм уонна эбэмбалыкка сылдьыбыттар. Өрүүнэлээх Дьөгүөр Куокуйга ыалга дьиэлэнэн олорон оскуолаҕа үөрэммиттэр. Дьөгүөр эдьиийинээн Өрүүнэлиин Куокуйга үөрэнэ сылдьан аччыктаан, хоргуйан өлүмээри тыаҕа тоҥуу хаары кэһэн тахсан кыра бэстэри охторон киллэрэн субатын астаан сииллэрин, хам аччык сылдьан интернат оҕолорун кыра астарыгар ымсыыралларын туһунан киһи хараастар гына кэпсиир буолара.
Ити кыһын мин хос эһэм ахсынньы ый бүтүүтэ тохсунньу саҥатыгар ыраах балыктыы сылдьан хоргуйан аччыктаан олорор дьонугар өлүү балыгыттан илдьэн биэрээри буурҕаҕа мунан тоҥон өлөр. Көрдөөн, өлүгүн булан аҕалбыт дьон кэпсээннэриттэн уонна хаста уот оттубутуттан сыаллаах быһаарыыларынан эһэм 6-7 хонук устата тыыннаах сылдьыбыт эбит. Хоту дойду саамай кылгас, хараҥа күннэрэ буолбут кэмэ буолан уонна ахсынньы-тохсуньу улахан тымныылара кинини сиэтэхтэрэ. Дьонум этэллэринэн, өскөтө ол күн тутатына көрдүү бырбыттара буоллар, эһэбин тыыннаах кэмигэр булуохтарын сөп этэ. Ити курдук мин хос эһэм көмүс уҥуоҕа дойдутуттан ыраах Кэбээйи сиригэр тутуллубута.
Аҕалара өлбүтүн кэннэ мин дьоммун эбэлэрэ, Алааппыйа эмээхсин хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт. Кини сиэттэрин бу сиртэн түргэнник тэскилээн дойдуларын булларарга санаммыт. Эмээхсин соҕотох хаалбыт ынахтарын бэрт эрэйинэн туруулаһан туран сыл таһааран, сайын Лунха үрэххэ балыктаан аһаан, ынахтарын үүтүн иһэн сайын устата сэниэ киллэриммиттэр. Бэстилиэнэй ынахтарын дойдуларыгар айанныылларыгар туттубуттар. Билигин санаатахха эбэм Зоя Ионовна бэйэтэ сүүрбэтин эрэ ааспыт эдэр киһи чахчы да күүстээх санаалаах буолан 1 саастаах оҕотун көтөхпүтүнэн, хараҕа суох кырдьагас эбэлэрин, кыра саастаах балтылаах быраатын батыһыннаран, сүрдээх уһуннук уонна эрэйдээхтик айаннаан дойдуларын булларбыт эбит.
Биһиги дьоммут олохторо бэйэлэрин көлүөнэлэрин дьонуттан туох да уһулуччу уратыта суох. Дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, үлэлээн-хамсаан, барыта Улуу Кыайыы туһугар буоллаҕа. Төһө да ыар сыллар, кэмнэр буоллунар оҕотөрөтөн, улаатыннаран, олох суолугар үктэннэрэн орто дойдуга олох олорон аастахтара… Билигин биһиги – кинилэр олохторун салҕааччылара сырдык ааттарын ааттата сылдьабыт, киэн туттабыт. Хос эһэбит, эбэбит курдук – чиэһинэй, үлэһит, дьоҥҥо ытыктанар, убаастанар дьон буолатуруохпут диэн бигэ эрэллээхпит!
Автор: Хос сиэнэ З.Д.Александрова