Владимирова (Винокурова) Ефросинья Егоровна (1930 г.р.)

 

Хос эбэм Владимирова (Винокурова) Ефросинья Егоровна.

Мин хос эбэм Ефросинья Егоровна 1930 сыллаахха балаҕан ыйын 30 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ – Владимирова (Игнатьева) Варвара Николавна, аҕата- Владимиров Егор Степанович. Ийэлэрэ 1942 с. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Оҕо саастарыгар тулаайах хаалбыттара.

Сэрии кэмигэр оҕолор колхоз үлэтигэр күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Оҕо саастарыгар оонньообокко үлэ ыараханын көрсүбүттэр. Үлэ түүн бүтэрэ, сарсыарда күн тахсыыта саҕаланара. От оттооһунугар, оҕуруокка үлэлииллэрэ. Тоҥоллоро-хаталлара, сылайаллара, сэниэлэрэ эстэрэ. Санньыйбыт күннэригэр “ийээ” диэхтэрин ийэлэрэ суоҕа, “аҕаа” диэхтэрин аҕалара суоҕа… Ол эрээри кыайыы туһугар диэн бөҕө санааларын ыһыктыбаттара, үлэттэн чаҕыйбакка, барытын тулуйаллара. Сэрии кэмигэр тулаайах оҕо дьылҕата ыарахан этэ.

Хос эбэм оскуоланы бүтэрэн баран учуутал үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан олорор сирэ табыллыбакка төннөн тахсыбыт. Ол үөрэнэ сылдьыбыт кэмнэрин олус үчүгэйдик саныыра.Үөрэхтэн маппытыттан хомойоохтуура.

1952 с. Винокуров Николай Софроновичтыын ыал буолбуттара, 4 оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. 43 сыл устата быр-бааччы олорбуттара. Ынах, сылгы, сибиинньэ, куурусса, кролик иитэн үрүҥ ас, эт арааһа дэлэй буолара. Хос эбэм эйэ5эс, элэккэй, уйа5ас дууһалааҕа. Өрүү сылаас чэйдээх, ыалдьытымсах ыал этилэр.

 

 

 

Суруйда: В.Стрекаловская, 2 в кылаас үөрэнээччитэ МОБУ “Саха гимназия”.