Винокурова Вера Васильевна 1921 года рождения

   Мин хос эбээм Винокурова Вера Васильевна 1921 сыллаахха Ньурба оройуонун Сүлэ нэһилиэгэр 8 оҕолоох Лазаревтар дьиэ кэргэннэригэр ахсыс оҕоннон күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх аҕата эрдэ олохтон туораан улахан эдьиийигэр Ылдьаанаҕа сэттэ сааһыттан иитиллибитэ.
          Мин хос эбээм түөрт кылаас үөрэхтээх. 1939 сыллаахха 18 сааһын туолбутун кэннэ, Куочай нэһилиэгиттэн Винокуров Никифор Варфоломеевич кэргэн кэпсэтэн, сүгүннэрэн Куочайга көһөрөн илдьибитэ. 1943 сыллаахха аҕабыт Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбытын кэннэ, ийэбит илиитигэр үс кыра оҕолоох хаалан колхоз араас үлэтигэр үлэлээбитэ.
          Хос эhэм сэрииттэн 1946 сыл саҥатыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэр.Онтон ыла Куочайга, Антоновкаҕа 38 сыл дьоллоохтук бииргэ олорон сэттэ уолу, үс кыыһы төрөтөн, иитэн-аһатан, үөрэхтээн улаатыннарбыттара. Куочайга олорор кэмнэригэр хос эбээм детдомҥа поварынан үлэлээбитэ. 1952 сыл күһүнүгэр Антоновкаҕа көһөн киирбиттэр. 1969 сыллаахха Антоновка дэриэбинэтигэр балыыһа стационара аһыллан хос эбээм онно санитарканан үлэлии киирбитэ уонна бу дойдуттан суох буолуор диэри (1985) үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
          10 оҕо ийэтэ буолан «Материнская Слава» 1, 2 степеннээх мэтээллэринэн, «Материнская Слава» 1, 2, 3 степеннээх орденнарынан уонна онус оҕотугар « Мать Героиня» орденынан наҕараадаламмыта. Үлэлиир кэмнэригэр «Ударник коммунистического труда» бэлиэнэн уонна «Ветеран труда» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
           Хос эбэм кыра эрдэҕиттэн кытыгырас, бэйэтин бэркэ кыанар кыыс эбит. Эдиэйим Ольга кэпсииринэн , биирдэ хос эбэм , Ольга уонна таайым Ваня буолан сир астыы баран истэхтэринэ улахан баҕайы Спартак диэн оҕус кинилэри көрбүтүнэн түһэн эрэр үһү. Үһүөн куотан түһүнэн кэбиспиттэр, уола да кыыһа да ийэбит кэннигэр хаалбыттар.
           Мин хос эбээм ааттаах оҕуруотчут эбитэ уhу, дэриэбинэҕэ биир бастакынан теплицаламмыта уhу. Оҕурсуу, помидор үүннэрэр эбит, улахан баҔайы бааһыналаах этилэр уhу, онно араас оҕуруот аһын олордоро уhу: эриэппэ, луук, брюква, трунепс, моркуоп, укроп. Киэһэ аайы кыргыттарынаан оҕуруруоттарыгар күүлэйдии бараллара эбитэ уhу уонна эбэһээт эриэппэ, моркуоп тутан кэллэллэрэ уhу.
           Эриэппэлэрэ наһаа улахан буолар уhу. Биирдэ перец –чили үүннэрбитэ сиппитин кэннэ мин эhээм Миисэ балтынаан Ольгалыын уулусса оҕолорун күндүлээн айдаан бөҕөнү тарпыт этилэр.
          Дьиэлэрэ төһө да кыараҕас буоллар, хос эбэм араас сибэккилэри, таптаан китайскай розаны олордоро уhу. Биирдэ яблоко сиэмэтин буорга аспыта үүнэн тахсыбыта, ону хас да сыл дьиэҕэ туруорбут уhу. Онтулара дэлби синньии-синньии уһаан дьиэдэрин өһүөтүгэр анньыллан тахсыбытын хос эhэм таһырдьа таһааран олордубут уhу. Дэлби суорҕанынан суулаан биир кыһыны туораппыт уhу,
иккис кыһынын кэнниттэн ол яблонялара тыллыбатах уhу, онно хос эбээм наһаа хомойбут уhу.
          Эhээм ахтарынан, кинилэр кэмнэригэр «соска» диэн оонньуу күөдьүйэ сылдьыбыт(тирии лоскуйугар сибиньиэс уулларанкутан ыйааһынын эбэн баран, атахтарынан тэбэ оонньууллар). Күрэхтэһии бөҕөтө буолар эбит. Онно саамай үчүгэй “соскалаах” буолан биһиги убайдарбыт «күннүүллэр” үһү. Онтон хос эбээм Вера Васильевна оҥорбут аракаайкалара саамай табыгас уонна саамай ырааҕы табар буолаллар үһү.
          Эhээм кэпсээниттэн иhиттэххэ хос эбээм уонна хос эhээм бырааһынньык аайы оҕолоругар үөрүү-көтүү тэрийэллэр эбит. Ыһыахха кыыс, уол барыта саҥа таҥас кэтэрэ уhу, хос эбээм бэйэтэ иистэнэр буолан, кыргыттарагыр хас биирдиилэриттэн ырбаахы быһыытын ыйытара уhу. Ыһыах иннинэ ол таҥастар бары тигиллэн кэккэлээн туралларын илиилэринэн имэрийэ-имэрийэ ыһыах күнүн күүтэр уhулэр. Ыһыах кэнниттэн ити таҥастар сайыны туоруур «формалара» буолаллара уhу. Аны санаатахха, дьонноро оголоругар бырааһынньык өйдөбүлүн тэрийэ сатыыр эбиттэр.

         Кыһыҥҥы идэһэ, Улуу Өктөөп кэтэһиилээх буолар уhу, модьуруоннай биэдэрэ толору бэрэскии буһар уhу. Саҥа Дьыллааҕы елкаҕа эрдэттэн бэлэмнэнии барар уhу, хос эhээм хайдах эрэ эмискэ харыйаны тэлгэһэлэгэр баар гынара. Хас да күнү быһа ол харыйа дьиэҕэ киириитин күүтүү туспа Саҥа дьыллааҕы долгуйуу буолар уhу. Симээһинэ эмиэ туспа сүпсүлгэн.

          Эhээм кэпсииринэн мин хос эбээм олус түргэн , ыраас туттуулаах ыал мааны , тапталлаах ийэтэ, хаһаайката эбитэ уhу. Киһи быһыытынан эргиччи дьоҕурдаах, үгүс талааннаах эбитэ уhу. Туох да ииһиттэн толлубата, ырбаахытыттан чылыгырыайкатыгар тиийэ тигэрэ уhу, оҕуруонан сүрдээх үчүгэйдик сахалыы билэ анньара уhу, суумка, үтүлүк тигэн киэргэтэрэ уhу. Үчүгэйдик ыллыыра, хомустуура,
хаамыскаһыт, дуобаччыт бэрдэ эбитэ уhу. Уһулуччу минньигэс астаах буолара уhу.             Бэйэтэ дьоҕурдаах буолан буолуо, оҕолор ону-маны уһана, кыһа, уруһуйдуу сатыылларын сүрдээҕин сэҥээрэрэ уhу, тэптэрэн биэрэр эбитэ уhу. Сахалыы кинигэлэри булан киэһэ аайы дорҕоонноохтук аахтарара уhу. Киһи быһыытынан сүрдээх үөрүнньэҥ эбитэ уhу.Көрдөөх кэпсээннэри, араас анекдоттары сэҥээрэн истэрэ уhу, бэйэтэ да кэпсээнньит, остуоруйаһыт эбитэ уhу.
А. Шахурдина 5 кылаас