Василий Архипович Винокуров-II (1930 – 2013сс)

 

Мин 1930 с. атырдьах ыйын 6 күнүгэр Сунтаар улууһугар Тумулга төрөөбүтүм. Сэрии бастакы сылыгар 1941с улахан убайым Винокуров Василий Архипович-I бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыта. Кутана 7 кылаастаах оскуолатыгар 1940-41 сылларга 1-кы кылааска үөрэнэ киирбитим. Учууталбыт Яковлев Николай Иванович (Чаанньык уола) этэ. Ити үөрэнэрбэр аҕам миигин Соҕох уола Лэгиэнтэйдээх диэн ыалга олордубута. Аҕам бастакы кэргэнин быраата киһи эмээхсинэ, Малтааны кыыһа Мотурууна диэн этэ. Ити ыал 3 оҕолоохтор этэ: улахан уоллара Володя, кыыстара Натаай, кыра уол Миша (Билигин Михаил Иннокентьевич).

1941-42с үөрэх дьылыгар Сайылык ферматын илин өттүгэр Фёдоров Прокопий Прокопьевич (Боруоҥкалаах) диэн ыаллары кытта биһиги дьукаах олорбуппут, ити ойуур иһигэр баар өтөххө. Онтон мин 4 км. сиртэн хааман үөрэммитим. Сүрдээх тымныы сыл этэ, аанньа таҥас-сап суоҕа. Онно аҕабыт, ийэбит, балтым Соня, мин буолан олорбуппут. УбайбытТэрэнтэй баара эрээри онно-манна үлэлиир буолан биһиэхэ соччо көстүбэт этэ. Таҥаспытын оҥорор киһи суох буолан ийэбит онно-манна дьахталларга көрдөһөн тиктэрэрэ. Тэрэнтэй убайбыт ити күһүн колхуостан Өлүөхүмэҕэ сүөһү үүрэн илдьэн колхуоска бурдук тиэйэн аҕалыыга үлэлэспитэ. Онно убайбыт 1 сүөһүнү дьонуттан ылан, ол оннугар бурдук атыыласпыт этэ. Оччолорго 11 буут дииллэрэ. Ол сэлиэһинэй бурдугу колхуостар тиэйбиттэрэ. 1 буут = 16кг, ол аата барыта 176кг бүтүн бурдук эбит. Биһиги кыһын ити бурдугу сиэн абыраммыппыт. Ыалбыт аҕата Фёдоров Прокопий Прокопьевич (Боруоҥка) Мочууһун нэһилиэгэр Сэбиэт председателинэн үлэлиирэ. Ийэлэрэ Мааппа эмээхсин диэн. Кинилэр элбэх оҕолоохторо. Ол сыл араас ыарыы-тумуу аһара элбэҕэ. Кыс ортото хааннаах ис ыарыыта биһигини буулаабыта, ыйы-ыйдаан ыалдьарбыт. Оччоҕо балыыһаҕа эҥин көрдөрбөт этибит. Балыыһа Шеяҕа эрэ баар быһыылааҕа. Ол ыалбытыттан 2-3 оҕо ол ыарыыга ыалдьан өлбүттэрэ. Мин хааннааҕынан сыптарыйан иһим быһыта тутарын өйдүүбүн. Хата, хайдах тыыннаах хаалбыппыт эбитэ буолла?! Сааскынан бурдукпут бүтэн хаалбыта. Онон аһыыр аһа суох буолан хаалбыппыт. Оччолорго ыаллар мас уһаакка тар диэн мунньаллара. Ону хааһыга кутан сиир буоларбыт. Ити тарбыт саас эмиэ бүппүтэ. Уһаатын салааһынын сылаас уунан сайҕаан ылан иһэн баран оскуолабар барарым. Оннук олоро сатаан баран аҕам 2 саастаах Сонятын илдьэ муус устар ый саҥатын диэки Тумулга дьиэтин сылытан көһөн хаалбыта. Мин ол ыалга олорон тарбын сайҕаан иһэн үөрэнэ сатаан баран, үөрэх бүтүө 2 ый иннинэ Тумулга дьоммор тахсан хаалбытым. Ол кэлэн аҕам үлэтин кэннигэр куйуурдаан балык аҕаларын буһаран сиэн олорбуппут уонна хараҕа үктэммиппит. Дьэ итиннэ өлө да сыспыппыт! Сайына сүрдээх кураан буолбута, үүнээйи соччо үүммэтэҕэ. Күһүнүгэр убайым Тэрэнтэй, Винокуров Терентий Архипович иккис хомуурга сэриигэ барбыта. Онтон Өрүүнэ ийэбит өлбүтэ. Онно мин элбэхтик ыалдьан сэниэ-күүс суох буолан күһүн оскуолаҕа киирбэтэҕим. Ити кыһын Орто фермаҕа кыстаабыппыт.  Эдьиийим Өлөксөөн Орто фермаҕа дайааркалыыра. Ферма дьиэтигэр хас да ыал буолан кыстаабыппыт. Эдьиийбит кыыһа ити кыһын ыалдьан өлбүтэ. Эдьиийим 6 саастаах уола Степан баар этэ.

Сана дьыллааҕы каникул кэнниттэн миигин оскуолаҕа киллэрбиттэрэ. 1942-43 үөрэх сылыгар 3-с кылааска киирбитим. Ол үөрэнэрбэр Кутанаҕа «Кыһыл кэккэ» колхуос интернатыгар олорон үөрэммитим. Поварбыт Дьуона кыыһа Өрүүнэ диэн этэ. Аһылык да диэн туох кэлиэй, турнепс кырбаан бурдук атаҕын тардан хааһылыы түһэн аһатара. Аччыктаан муҥ-таҥ бөҕөнү көрөр этибит. Сорох оҕолор дьонноруттан сүөһү тыһа булан аҕалаллара. Ол түүтүн уокка сиэтэн кыһыйан баран сиирбит. Ким эмэ куобах сиэтэҕинэ ол иһин аҕалан сааҕын ырытан баран буһаран сиирбит. Склад таһыгар бүтүн бурдук тохто түспүт буоллаҕына, ону ичигэстээн бүтүннүү сиир буоларбыт. Онтон саас ойуурга тахсан уҥуохтаах отон хомуйан сии сатыыр этибит. Саатар кыһайаары, онтубут отой үүммэтэх буолара, хам-түм булан сиирбит. Аччыктаан испит ыалдьан сытан тахсарбыт. Ол да буоллар ити сыл 3-с кылааспын тахсыбытым. Сайын колхуоска от оттооһунугар үлэлиирбит: от мунньан, от кээһиитигэр, оҕус сиэтэн. Күһүнүгэр 1943-44 үөрэх сылыгар 4-с кылааска үөрэнэ киирбитим. Итиннэ үөрэнэрбэр билигин ити Саввинов Прокопий Григорьевич олорор дьиэтин таһыгар Сугулаан (сельсовет) дьиэтэ баара. Онно госинтернат аһыллыбыта. Онно олорон үөрэммиппит. Поварбыт Саввинова Мария диэн Прокопий Саввиновтаах ийэлэрэ. Онно аһылыкпыт арыый тупсубута: лэппиэскэ, сэлиэһинэй бурдугунан хааһы оҥорон сиэтэллэрэ. Онон бэркэ кыстаан үөрэнэн тахсыбыппыт. Онтон ыла мин салгыы үөрэммэккэ «Кыһыл кэккэ» колхуоска үлэһит буолбутум. Кыһын буолаҕа балбаах таһарым, фермаҕа үүт учуоттуурум. Сайын от үлэтэ буолара: охсуу, мунньуу, кээһии. Ол иннигэр ходуһа сабыыта. Оччолорго оттонор ходуһа барыта сабыллара. Үстүүлээх тоһоҕо оҕуруот буолара. Сорох сирдэргэ сылбах оҕуруокка тоһоҕо анньа-анньа сиэрдийэ ууран иһэрбит. Онтон бурдук буолата булгуччу 3-түүлээх оҕуруот буолара. Оччолорго ат тардар булуугунан буоланы хорутан ыһарбыт. Оҕуска состорон боромньулуурбут. Ардыгар сорох буолаларга бурдук бөҕө буһан саһаран турара үчүгэй да буолара!

1992 сыллаахха «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» диэн мэтээлинэннаҕараадаламмыта. (Память, том 7, 1999, с 325).

 

 

 

Автор: В.А.Винокуров