Вера Егоровна

Кунду Эбэбит, сурэхпитигэр оруу тыыннаах!

Биьиги эбэбит Вера Егоровна Сэрии сылын о5ото. Ахтыы суруйан хааларбытынан, А5а Дойду сэриитэ са5аланарыгар 9 саастаах эбит. Кини Амма улууьун Алтан нэьилиэгэр элбэх о5олоох дьиэ кэргэннэ торообутэ.

Уот кураан сыл туран, от оттоммокко элбэх киьи суорума суолламмыт. Онуоха эбии дьахтар аймах, о5олор эрэ хаалан «Бары буттуун фронна» диэн улэлээбиттэр.

Эбээм, «Улахан дьону кытта тэннэ окко-маска улэлэьэр этим» — диэн ахтар.

Сарыы этэрбэьэ илийэн, хантаччы хатыар диэри, сынньанан корбокко, сарсыарда эрдэттэн, киэьээ хойукка диэри ийэтин кытта тэннэ улэлииллэр эбит. Бэйэн ына5ын этин сиэбэккэ барытын фронна ыыталлара уьу. Бэл  бурдук туора5ын, кутуйах хасааьын да сиэппэттэр эбит. Утулук, кээнчэ тигэллэр эбит.

Эбээм икки убайа сэриигэ баран 1941 с. сура5а суох суппуттэр.

Сэрии буттэ5инэ эйэлээх олох кэлиэ диэн наьаа кыьаллан улэлииллэр эбит. Бэйэ бэйэлэригэр истинник сыьыаннаьан , эйэ дэмнээхтик кыайыы туьугар олорбуттар.

«Кыайыы буолбутун истэн баран наьаа уорбуппут, ытаспыппыт» диэн ахтар эбит.

Хойут кырдьан баран «Сэрии эрэ буолбатын» диэн ба5а санаатын этэр эбит. Эбээм Тыыл ветерана этэ, кэлин Сэрии ветерана онорбуттара.

Бу эбээм ахтыытыттан суруйан баран хоьоон суруйарга сананным:

Сэрии буолбатын

Эбээм барахсан, уоттаах сэрии мсылларын о5ото,

Элбэ5и кини билэрэр,

Эдэр, о5о сааьа сэрии сылыгар ааспыта.

Эдэр ыччакка эйэлээх оло5у ба5арара,

Сэрии буолбатын!

Сир – дойду айгыраабатын!

Харах уута тохтубатын!

 

 

Автор: Хос сиэнэ М.Семенова, 2 «е» кылаас уорэнээччитэ.