Васильев Гавриил Гаврильевич

Хос эһээм Васильев Гавриил Гаврильевич 20.10.1929 с. Уус-Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 4 кылаас үөрэхтээх. Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэрии бириэмэтигэр килбиэннээх үлэтин иһин 1947 сыллаахха Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Хос эһээм маннык ахтыы суруйан хаалларбыт: «Сэрии буолуутугар 11 саастаах этим. Үлэни кыайар, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр дьону барыларын фроҥҥа Ийэ дойду көмүскэлигэр хомуйан, оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор эрэ хаалан туос аччык сылдьан икки хараны силбэһиннэрэ үлэлиир буоларбыт.

1944 сылтан үөрэхтэн уурайан бастайааннай холкуос үлэһитэ буолбутум. Кыһынын оҕуһунан бааһынаҕа ноһуом таһыыта, сааһын ыһыы, паар үлэтигэр бааһынаҕа сир хорутуута, сайынын хомуур үлэтэ, күһүнүн сиэмэни көлө малатыылкатынан астааһын. Биир күн өрөбүлэ суох кытаанах үлэ буолара».

Кыайыы буолбутун хос эһэм маннык ахтыбыт: «Сэрии бүппүтүн, Кыайыы буолбутун 1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр ыһыы сиэмэтин оҕуһунан тэлиэгэҕэ тиэйэн кытыйахха баран истэхпинэ холкуос председателя Аммосов Алексей Егорович ситэн кэпсээбитэ. Киэһээ 10 чаас саҕана дьонум бааһынаттан саҥа киирэн үөрэ-көтө олороллор эбит. Мин итиннэ 16 саастаах этим да оччотооҕу олох хаарыйыыта буолан олус мөлтөх этим. Ама ааспытын иһин ыарахан кэмнэри олорон, үлэлээн ааспыппыт».

 

Васильева А.,

Тулагы орто оскуолатын 5 кыл. үөрэнээччитэ