
Устинов Алексей Иванович (1928 г.р.)
Мин хос эһээм Устинов Алексей Иванович 1928 с. муус устар 15 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Олом-Күөлгэ алта оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ уһүс оҕонон күн сирин көрбутэ. 1940 сыллаахха,Олом-Күөлтэн кыьыл кэккэ холкуоска дьонун кытта көһөн киирбитэ, онно үлэлии сырыттаҕына,улуустан боломуочунай сэрии саҕаламмытын кэлэн кэпсээбит. Оччолорго араадьыйа суох. Оскуолаҕа уорэнэ сылдьан 1942 с. холкуоска үлэлии барбыт. Байыаннай кэм сокуона кытаанаҕа. 400-500г. килиэп күҥҥэ уонна бөтүөнүнэн суорат биэрэллэрэ. Мин хос эһээм тыа сирин түмүктээх үлэтигэр барытыгар кыттара. Сайын колхуоска оттоһоро. Саас саһаан эрбэһэрэ. Эмээхситтэри кытта кыһын от-мас тиэйиитигэр сылдьара. Колхуозка былаан туһэн куораттыыр суол оҥоруутугар тииттэри солоспут дьоннортон биирдэрэ буолар. 3 фермаҕа үлэлээбит.
1948 МТС-ка үөрэнэн, тырахтарыыс идэтин ылбыта. 1949с. аармыйаҕа ыҥырыллан, Калининградскай уобаласка тиийбитэ. Ыам ыйыгар артиллерия састаабыгар Берлин куоракка сылдьыбыт. 1952 дойдутугар төннөн кэлбитэ. Мин хос эһээм Бөтүҥ нэьилиэгин бочуоттаах гражданина улэ-тыыл ветерана.
Кини кэргэнэ хос эбээм Устинова Дария Иннокентьевна 1938 с Кулун тутар 3 күнүгэр Эмискэ төрөөбүт, Алтан оскуолатыгар үөрэммит. Онтон 18 сааһыгар хос эһээбэр кэргэн тахсар. Онтон Бөтүҥҥэ көһөн кэлэллэр, 4 оҕолоноллор, 8 сиэннээхтэр, 50 сыл дьоллоохтук ыал буолан олороллор. Детсадка поварынан ол быыһыгар нээнкэннэн улэлиир. Онтон пэнсийэҕэ тахсар. Улэ ветерана, наһаа сымнаҕас майгылааҕа. Бу орто дойдуттан 2008 атырдьах ыйыгар 70 сааһыгар барбыта.
Хос сиэннэрэ А.Устинова