Тюнгюрядова Татьяна Никифоровна (1928 г.р.)

Мин хос эбэм аата Татьяна Никифоровна Тюнгюрядова, кини 1928 сыллаахха Таатта улууhугар Дьиэбэгэнэ диэн ааттаах сиргэ тереебутэ. Кини бииргэ тереебутэ 24 эбит, ол эрээри  4 эрэ о5о тыыннаах хаалбытын туЬунан эбэм кэпсиир: «Былыр муостата суох бала5анна, балыыьа, быраас диэн суох эрдэ5инэ, муус доруобай эрэ о5о тыыннаах хаалара».

Эбэм сана уерэнэн эрдэ5инэ, сэрии буолан, уерэ5иттэн тохтообут. Кини ыал улахан о5ото буолан, колхуоска хаалбыт о5онньоттору, эмээхситтэри кытта тэннэ улэлэспит. Ол курдук, сарсыарда эрдэттэн туран хотонно улэлиир, сайынын оттуур, бурдук ууннэриигэ, сир хорутуутугар, кирпииччэ уктээhиннэ, ыарахан улэ диэн турбакка бары биир тэнник улэлиир эбиттэр.

Сэрии буолбутун туhунан аттаах дьон кэлэн кэпсээн барбыттар, оттон сыыйа эр дьону саллаакка хомуйбуттар. Угус киhи теннен кэлбэтэх, ыаллара киhи анар ата5а суох буолан хонуу толоонуттан эргиллибит. Саллаат суругун биир эмэ уерэхтээх киЬиэхэ бары доргуччу аахтараллара уhу. Хайа да саллаат «сылайдым, ыарыйдым» диэн суруйбат этэ диэн кэпсиир.

Сэрии кэмигэр учугэй улэтин иhин, 1945 сыллаахха Сталин мэтээлинэн на5араадаламмыт.

 

 

Автор: Хос сиэнэ Ю.Винокурова.