Мин хос эбэм Екатерина Потаповна Терехова 1920 сыллаахха от ыйын 12 кунугэр Нам улуу4ун, Арбын нэ4илиэгэр торообут.
1940 сыллаахха хос эбэм саа4ын ситиитэ Нам улуу4ун Модут нэ4илиэгэр ба4ылай Винокуров Василий Васильевич (маннайгы кэргэнэ) диэн ки4иэхэ суктэн кэлбит. Сотору кэминэн А5а дойду сэриитэ са5аланан, холкуостаахтарга иккилии ки4ини хоту ыыта5ыт диэн сорудах кэлбитигэр эбэбит аах эдэр-сэнэх уонна кэргэннии дьон буолалларын бы4ыытынан «Улэ фрона» диэн мобилизация5а тубэспиттэр. Онон 1941 сыллаахха о5олорун котохпутунэн дойдуларыттан тэйэргэ ку4эллибиттэр.
Кинилэри Булун улуу4угар Быыуап Мыыска ыыппыттар. Тиийээт да олохтоохтору кытта тэннэ улэлэспитинэн барбыттар. Мин хос эбэм кы4ынын эр дьону кытта со5ото5ун кэриэтэ балыкта4ан, тымныыны аахсыбакка, сыгынньах илиитинэн иилистибит илими суорэн биэрэринэн, илииитэ тонмотунан биллибит у4у. Онон кини мунха5а сылдьарын куруутун ирдиир буолбуттар. Кы4ынын илимнээн, сайынын мунхалаан кыайыы ту4угар балык бо5отун балыктаабыттар. Бу курдук улэлии-хамсыы сырыттахтарына 1942 сыллаахха Чурапчыттан дьонну ко4орон а5албыттар. Хас да ки4ини эбэм аахха ту4эрбиттэр. Онон хос эбэм, бу дойдуга то4о да биир эрэ сыл олордор, сана кэлбит дьону тыйыс хотугу сир оло5ор-дьа4а5ар бэйэтин кыа5ынан сы4ыаран, комо-тирэх буолан уорэппит.
Тиксиигэ 3-с кыы4ын о5олонор, ол буур5алаах дойду салгыныгар тымныйан эбэм эмиийэ маститтыыр. Ону баа4ынай врач Соколов эмтээн абырыыр. Эбэм ити кэнниттэн доруобуйата молтоон, врач ходатайство-справка биэрэн бу дьиэ кэргэн икки кыыстарын илдьэ 1945 сыллааха дойдуларыгар сроктарын иннинэ тонноллор.
Хос эбэм хотуттан кэлээт колхозка пенсия5а тахсыар диэри ыанньыксыттаан, уут астыыр собуокка кочегарынан улэлээбитэ.
Кэлин 1953 сыллаахха хос эбэм Екатерина Потаповна мин хос э4эбэр, А5а дойду сэриитин кыттыылаа5ар Егор Петрович Тереховка кэргэн тахсан, сэттэ о5ону торотоллор.
Автор: С.Яковлева, ученица 1 класса.