Солдатовы Егор Михайлович, Мария Николаевна

 

Хос Эhэм Солдатов Егор Михайлович — 1917 с. Усуйаана5а Хаhааччыйа сэлиэнньэтигэр элбэх о5олоох ыалга бастыкы о5онон төрөөбутэ. Аччык, Аас-туор олохтон, кыра саастарыгар бииргэ төрөөбуттэрэ хас да о5о өлбут.

А5алара эрдэ өлөн, эhэм 11 саастаа5ар ийэтин төрөөбут сиригэр Эбээн-Бытантай Кустууругар табанан а5аларын бииргэ төрөөбут быраата а5албыт. Эhэм 15 сааhыттан таба5а улахан дьону кытта таба ыстаадатыгар бостуугунан улэлээбит, 1945 сыллаахха диэри. Онтон салгыы уөрэнэн Ветеринар-фельдшер идэтин ылан оло5ун тиhэх кунугэр диэри Эҥэ5э маннайгы ветеринарынан улэлээбитэ. 1944 сыллаахха сэрии кэмигэр ситиhиилээх килбиэннээх улэтин иhин И.В.Сталин төбөлөөх мэтээлинэн на5араадаламмыта. Оччолорго ыстаада5а таба, ынах суөhу, сылгы ахсаана нэhилиэккэ элбэх көмө этэ. Ону барытын биир со5отох ветеринар көрөрө, эмтиирэ. Айыл5аттан айдарыылаах, талааннаах эмчит этэ диэн Эҥэ дьоно-сэргэтэ кини улэтин, билиитин элбэхтик ахтара. Үтүө сүобастаах улэтин иhин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан на5араадаламмыта. 9 о5о а5ата, 24 сиэннээх, 25 хос сиэннээх. Эhэбит улэтин өрөгөйүгэр сылдьан 1965 с олус соhуччу, хомолтолоохтук, эдэр сааhыгар ыалдьан бу орто дойдуттан барбыта. Кини сырдык аатын о5олоро,сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттата тураллар.

Хос эбэм Солдатова Мария Николаевна – 1928 с. Эҥэ нэhилиэгэр элбэх о5олоох, улэhит Соловьевтар дьиэ кэргэннэригэр бэhис о5онон тереебутэ. А5ата Соловьев Николай Николаевич үйэтин тухары сылгыhыт этэ. Ийэтэ Чирикова Евдокия Васильевна ферма5а сөhугэ улэлээбитэ, кэлин ыалдьан Аhарга оскуола5а харабылынан улэлээбит. Илиитигэр наhаа талааннаах олус учугэй иистэнньэн, уус эбит.

Хос эбэм Мария Николаевна 7 кылааhы бутэрэн баран маннай ферма5а суөhугэ улэлээбит, онтон кэлин 1948 с – 1965 с диэри ферма5а асчытынан улэлээбит. Хос эhэм өлбутун кэннэ 1965-1991с. диэри Эҥэтээ5и о5о уhуйааныгар ньээнкэнэн улэлээбитэ. Эбэбит барахсан эдэр сааhыгар огдообо 9 о5ону кытта со5отох хаалан олох очурдарын, ыараханын барытын этинэн-сиининэн билбит киhи буолар. Ол да буоллар хаhан да санаатын туhэрбэт, ыарахаттартан ча5ыйбат куустээх санаалаах этэ. Наhаа уус, учугэйдик иистэнэр, дьаhаллаах этэ. Эбэбит сайынын оттоон, от сугэн, суөhу иитэн 9 о5ону бэйэтэ со5отох иитэн улаатыннартаабыта. Сытыары сымна5ас майгылаах, олус көнө, улэhит этэ. Ийэ Албан аата «Материнская слава» үс орденынан барытынан на5араадаламмыта 1, 2, 3 степеннээх. Улэ тыыл Ветерана, Дьааҥы

Бочуоттаах гражданина аат инэриллибитэ. Элбэх кыайыы юбилейнай мэтээллэринэн на5араадаламмыта. 9 о5отун барыларын уерэхтээбитэ. Кэлин сиэннэрин ситиhиилэринэн, уерэхтэринэн истэн олус киэн туттара. 9 о5о ийэтэ, 24 сиэн, 25 хос сиэн тапталлаах эбэтэ 2013 сыллаахха 85 сааhыгар олохтон бараахтаабыта. Эбэбит сырдык мөссуөнэ куруук сурэхпитигэр.

 

Солдатов С., 8Д кылаас