Солдатов Егор Михайлович (1917-1965)

Эhээм бииргэ төрөөбүт эдьиийин ахтыытыттан:

Аҕам Солдатов Егор Михайлович 1917 с. Усуйаанаҕа Хаhааччыйа сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыалга маӊнайгы оҕонон төрөөбүтэ. Аччык, аас-туор олохтон, кыра саастарыгар бииргэ төрөөбүттэрэ хас да оҕо өлбүт. Аҕалара эрдэ өлөн, аҕам 11 саастааҕар ийэтин төрөөбүт сиригэр Эбээн Бытантай Кустууругар табанан аҕаларын бииргэ төрөөбүт быраата аҕалбыт.

Аҕам 15 сааhыттан табаҕа улахан дьону кытта таба ыстаадатыгар бостуугунан үлэлээбит 1945 сыллаахха диэри. Онтон салгыы үөрэнэн ветеринар-фельдшер идэтин ылан олоҕун тиhэх күнүгэр диэри Энэҕэ маӊнайгы ветеринарынан үлэлээбитэ. 1944 с Сэрии кэмигэр ситиhиилээх килбиэннээх үлэтин иhин И.В.Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Оччолорго ыстаадаҕа таба да, нэhилиэккэ ынах сүөhү, сылгы ахсаана олус элбэх кэмэ этэ. Ону барытын биир соҕотох ветеринар көрөрө, эмтиирэ. Айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах эмчит этэ диэн Энэ дьоно-сэргэтэ кини үлэтин, билиитин элбэхтик ахтара. Yтүө суобастаах үлэтин иhин элбэх Грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. 9 оҕо аҕата, 24 сиэннээх, 25 хос сиэннээх. Аҕабыт барахсан үлэтин өрөгөйүгэр сылдьан 1965 с. олус соhуччу, хомолтолоохтук, эдэр сааhыгар ыалдьан бу орто дойдуттан барбытын иhин, кини сырдык аатын оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттата тураллар.

А. Сидоров. 5в кылаас, МОБУ «Саха гимназия»