Мин хос эһэм Софронов Василий Семенович 1919 сыллаахха от ыйын 31 күнүгэр Чурапчы улууһун, Хадаар нэһилиэгэр төрөөбүт.

1941 сыллаахха күүс өттүнэн көһөрүллэн Булуҥ улууһугар  “Кыһыл Кырыс” колхозтан Алексеев Михаил Михайлович биригэдьиирдээх тиийбиттэр.

Атырдьах  ыйын 19 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ айаннаабыттар. Онно нэдиэлэни быһа борохуоттарын кэтэһэн олорбуттар. Талах быыһыгар утуйан туралллара үһү. Өлүү-сүтүү саҕаланан барбыт. Ыйы быһа айаннаан мунан, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, аһары түһэн туох да суох сиригэр түһэрэн кэбиспиттэр. Эт санныларынан мас таһан бараах оҥостон өктөөп бырааһынньыгын кэнниттэн киирбиттэр. Онуоха дылы уот оттон, балыксыттар оҥочолоругар хоно сылдьыбыттар.

“Өлбүт дьоммутун  саһаан курдук кистээн биһэр этибит, биир ииҥҥэ уоннуу киһини көмөрбүт, күн аайы өлүү-сүтүү тахса турара”, — диэн кэпсиирэ эбитэ үһү эһэм.

Саас биирдэ Булунтан налог хомуйааччы кэлбит. Туох да суол-иис суох үһү.

“Үлэни кыайар киһи суох буолла,  дьоммутун кистиирбитигэр көмөлөс”, —  диэн көрдөһөн дьоннорун кистээбиттэр. Онтон ол киһи баран тыллаан икки хонугунан кэлэн балык собуотугар Быков Мыыска илдьэн үрүҥ тыыннарын өрүһүйбүт.

Эһэбин  кытта кэргэнэ, оҕото, ийэтэ, эбэтэ баар эбит. Ийэтэ уонна эбэтэ иистэнньэҥ бөҕөлөр үһү. Фроҥҥа үтүлүк, кээнчэ тигэллэр эбит. Эбэтэ орденынан наҕараадаламмыт да сатаан туппакка өлбүт. Эбэтин, кэргэнин, оҕотун сүтэрэн кэлбит.