Собакин Яков Петрович (1914-1973 гг.)

Кангаласова Евдокия Григорьевна (1913-1984 гг.)

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Мин хос хос эһэм (эбэм эһэтэ) уонна хос хос хос эбэм (эбэм эбэтэ) тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын, эбэм тугу өйдүүрүттэн.

Эбэм эһэтэ Собакин Яков Петрович, Өлөөһө сиэнэ, 1914 сыллаахха Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр (Кыйыга) төрөөбүт.

«Күөдьүй» колхоз чилиэнэ Кангаласова Евдокия Григорьевна диэн 1913 сыллаах төрүөх, эмиэ Тыараһа олохтооҕо кыыһы кэргэн ылан 9 оҕоломмуттар. Элбэх оҕолооҕунан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбатах. Ол оннугар 1944 сыллаахха Чурапчы оройуоннааҕы быйыаннай комиссариатынан ыҥырыллан Тиксигэ туус хостооһунугар биир дойдулааҕыныын, Баппадов Петр Васильевичтыын үлэ фронугар ыытыллыбыттар. Ол туһунан үгүһү кэпсээбэт эбит. Ыарахан усулуобуйаҕа, тымныы бараакка, бэлэм аһа-үөлэ суох олорбуппут. Саха сирин илин эҥэрин олохтоохторун бииргэ түмпүттэрэ. Үлэбит аһара ыарахан этэ. Бииргэ кэлбит уолум Бүөтүр оҕото, аһааҕа бэрт буолан ыран-быстан, ыарытыйан олус иэдэйбитэ, сытан хаалбыта, үлэм быыһыгар кинини көрөр-истэр этим. Хата, ол сырыттахпытына «Күөдьүй» колхозпут бэрэссэдээтэлэ Василий Кириллович Сабарайкин кэлэн кэпсэтэн дойдубутугар төнүннэрбитэ диэн олус долгуйан, махтанан кэпсиирэ. Дойдутугар эргиллэн кэлэн  эбэбитиниин колхоһу өрө тардыыга иккиэн хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы үлэ бөҕөтүн үлэлээбиттэр. Эһэбит өссө Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбытын туһунан ханна да  ахтыы суох эбит.

Эбэбит  «Күөдьүй», кэлин «Ленин» колхозтарга ыанньыксыттаабыт. Фермаҕа үлэтин быыһыгар хонуу үлэтигэр туора  турбакка  күөһэ-кыаҕа баарынан утуйар уутун умнан үлэлэспит.

Эһэбитин кытта этиллибитин курдук 9 оҕону төрөтөн, сиэрдээх быһыыга-майгыга иитэн киһи оҥорбуттар, билигин онтон биир уоллара уонна кыра кыыстара бааллар.

Эһэбит Собакин Яков Петрович үлэтин-хамнаһын сыаналаан наҕараадалара

«1941-1945  сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, тыыл бэтэрээнэ, оройуонтан, нэһилиэктэн Махтал суруктар.

Эбэбит Собакина Евдокия Григорьевна наҕараадалара:

«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл,  тыыл бэтэрээнэ, «Ийэ Албан аат» уордьан, нэһилиэк, оройуон Махтал суруктара.

 

 

Автор: А.Новгородова, ученица 4 класса