
Слепцова Мария Петровна
Хос эбээм, ийэм ийэтэ, герой ийэ Мария Петровна Слепцова – тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Сэрии сылларыгар кини 7-лээх эрэ кыысчаан эбит. Ол ыарахан, сут кэмнэр тустарынан хос эбээбит мин төрөппүттэрбэр үгүстэ кэпсээбит. Ону таһынан эбээбит хоһоон айар уус-уран тыллаах, ураты талааннаах этэ. Ол хоһооннор биһиэхэ сэрии ыар кэмнэрин, эйэлээх олох хайдаҕын кэпсиир дьиҥнээх туоһу сурук буолаллар.
Автор: Хос сиэннэрэ Слепцовтар, Дьокуускай.