Филипп Егорович Скрябин (1927-2014)

Мин хос эhэм Скрябин Филипп Егорович 1927 сыллаахха тохсунньу ый 15 күнүгэр 1- Дьөппөн Туоhалаан диэн сиригэр күн сирин көрбүтэ. 1- Дьөппөн оскуолатыгар үөрэнэн 6 кылааhы бүтэрэр. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөн тулаайах хаалбыта. Олох ыар содула кинини быhа аhарбатаҕа. Ол курдук сут дьыллар, сэрии ыар сыллара барыта кини көхсүгэр сүгэhэр буолбуттара. Тулаайах уол оҕо кыра эрдэ5иттэн бары үлэни үлэлии үөрэммитэ. Сэрии сылларыгар хос эhэм «Нуочаха», «Харыйалаах» колхозтарга үлэлээбитэ. Оччотооҕу олох кыhалҕатын эттэринэн-хааннарынан билбит, улахан дьонтон хаалсыбакка, тэбис-тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, үгүс сыраларын биэрбит сэрии кэмин оҕолоро өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы ситиhиллиитигэр оруоллара улахан.

Оччотооҕу кэм туhунан хос эhэм бэйэтэ кылгастык маннык ахтар: Сут, сэрии буолан кыайан ситэри үөрэммэтэҕим, сыл быhаҕас үөрэнэр этим. Сэрии сылларыгар оҕонньоттору кытары сайын окко үлэлиир этим. Арыт сайын ферма5а уотчуктуур этим. Колхоз үлэтигэр үлэлии барар этим, сир хорутарга оҕус сиэтэр этим. Күhүн бурдук ыhыытыгар ат муоhалыыр этим.

Эhэм Филипп Егорович сэрии да кэннэ, пенсияҕа тахсан да баран өр кэмнэргэ үтүө суобастаахтык, күүhүн харыстаммакка үлэлээбитэ. 1949-1950 сс. «Нуочаха» учаастакка колхоз эрдэҕинэ биригэдьииринэн, кладовщигынан уонна да атын араас үлэлэргэ үлэлээбитэ.
Кэлин өр кэмҥэ «50 лет Октября» совхоз склад сэбиэдиссэйинэн, ЖКХ кочегарынан үлэлээбитэ. Коммунистическай үлэ ударнига.

Эhээ Филипп тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, «1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иhин», Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэрин хаhаайына, Хаҥалас улууhун 2-Дьөппөн нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Элбэх оҕо аҕата, эhэтэ, хос эhэтэ. Дьиэ кэргэҥҥэ үтүө холобур, аҕа табаарыс.

Мин хос эhээбинэн киэн туттабын, кини үтүө аатын умнубаппын!

 

 

Автор: Э.Архипов