Сидорова Ирина Ефремовна

Биһиги эбэбит Сидорова Ирина Ефремовна сэрии саҕаланарыгар сүүрбэлээх, кэргэннээх, саҥа төрөөбүт оҕолоох дьахтар этэ. Оҕотун ийэтигэр хааллара-хааллара Каганович колхоз үлэтигэр умса-төннө түспүтэ: ыһыы, от, хомуур үлэтин тутаах үлэһиттэриттэн биирдэстэрэ буолбута. Толоругаһынан туттуута түргэнинэн, сатабылынан хайҕанара, от охсуутугар, түүтэх баайыытыгар инникилэр кэккэлэригэр сылдьара. Онтон 1943 сыл от ыйыгар кэргэнэ, Сидоров Ион Алексеевич сэриигэ ыҥырыллар. Ити сыл иккис оҕото уол төрөөн аҕыйах ыйынан төннөн хаалар, бастакы оҕото ыарыһахтыйан суорҕан-тэллэх киһитэ буолар. Оччотооҕу киһи сиэринэн, ону ол диэбэххэ, үлэттэн илиитин араарбат, кураан буолан кыһалҕа өссө үксүүр: ас-таҥас тийбэтэ, аһыыканы кытта охсуһуу, кыһыл аармияҕа анаан ичигэс таҥас тигиитэ, кэтэх хаһаайыстыбатын  отун-маһын бэлэмэ. Онно эбии сурук-сурах кэлиитэ бытаана чугас дьонноро хайдах-туох сылдьаллара биллибэтэ сүгэһэр буолара.

1944 сыл, балаҕан ыйыгар, Аҕабыт ыалдьаныран быстан инбэлиит да буоллар иэримэ дьиэтин булуута үөрүүлээх түгэн этэ.

Олох салҕанар. Сыл өрүү-өрүү оҕо төрөөһүнэ, саҥа дьиэ туттуу, ону көһөрүү колхоз үлэтэ бүппэт түбүк. Арыый олох тупсуута аны кэргэнэ сэттэ оҕону хаалларан өлөн хаалар, ийэтэ хараҕа суох суорҕан-тэллэх киһитэ буолан биэс сыл сытар, көмө тирэх буолуо диэбит кыыһа ыарыһахтыйар, кэргэнин аҕата түөһэйбит соҕотох оҕонньор көрүүтэ-истиитэ эмиэ кини илиитигэр. Соҕотох дьахтар дьарамай санныгар сүктэриллибит дбылҕа сүгэһэрэ диэтэххэ ыарахан балаһыанньа. Ону биһиги ийэбит киил киһи, өйдөөх, сатабыллаах, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, туруу үлэһит, кытаанах санаалаах, инникигэ эрэлин сүтэрбэтэх дьахтар буолан тулуйдаҕа; барыбытын атахпытыгар туруортаан, үөрэтэлээн, ыал күүс гынан, сиргэ төрөөн ийэ буолбут иэһин чиэстээхтик толордоҕо. Жданов колхозка асчыттаабыта, совхоз тэриллэригэр балыыһаҕа повардаабыта, онтон сельпоҕа биэкэрдээбитэ. Сунтаарга көһөн киирэн баран сүүрбэттэн тахса сиэннэрин көрүүгэ-харайыыга, ичигэс түүлээх таҥастарын бэрийиигэ, киһи-киһитэ буолалларын курдук итиигэ сыратын-сылбатын биэрбитэ. Сэттэ уонун ааһыар диэри отун оттонон, ынаҕын тутан, үүтүнэн-сүөгэйинэн хааччыйан олорбута. Хара өлүөр дылы сир астыыра, кыра кыыһыгар олорон астарын-таҥастарын хааччыйан, өйүн ыһыктыбакка, саҥаны-кэрэни сэргээн, олоххо интириэһин сүтэрбэккэ кэрэтик кырдьан ийэ-эбээ быһыытынан үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларан 83 сааһыгар бу сиртэн барбыта.

 

Автор: МОБУ ЯГНГ им. А.Г. и Н.К. Чиряевых