Шестаков Андрей Егорович (1910 — 1964)

Холгума нэhилиэгин олохтооҕо, сэрии улэ бэтэрээнэ. Кини 1910 сыллаахха Холгума нэhилиэгин «Хараынах» диэн алааhыгар төрөөбут.

Эһэбит бэйэтин кыанар, наһаа кырата суох, сурдээх улэһит, чиэһинэй, көнө майгылаах киһи эбитэ үһү.

1941 сыллаахха сут дьыл буолан «Пятилеткалар» Хатырхан үрэҕэр тахсан оттообуттар. Онно субан сүөһүлэрин кыстаппыттара, онон дьоннорун кытта бары көһөн тахсыбыттар. 1942 сыл саас ыам ыйыгар төптөру көһөн киирбиттэр. Ол саас бэбиэскэ тутан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан барбыт. 1944 сыл Москва куорат анныгар сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран дойдутугар төннөн кэлбитэ. Кини моонньун диэки өртугэр бааһырыылаах уонна уҥа илиитин ытыһын буулдьа тэһэ көппүт этэ.

Аҕыйах кэмҥэ эмтэнэн баран, үтүөрэн холкуос үлэтигэр үлүскэнник үлэлээн барбыт. Ол курдук, кини хонуу үлэтигэр, оттооһуҥҥа от оҕустарара, бурдук ыһыытыгар, хомуйуутугар, кыһын фермаҕа от тиэйиитигэр, сэрии кэннэ хас да сыл «Ааллаах Үүҥҥэ» таьа5ас тиэйиитигэр  күһүн хаар түспүтүн кэннэ баран баран саас хаар ууллуута кэлэр эбит. «Пятилетка», «Правда» холхуостар төһүү улэһитэ, удаарынньыга этэ.

Кэлин холхуостар бөдөҥсүйэн, «Правда» холхуоска ньирэй көрбүт уонна ити сылларга үрдүк ситиһиилэрин иһин үлэ удаарынньыга буолбут. 1960-1963 сылларга «Оҕус туйаҕа» алааска кэргэнэ Александра Ивановналыын олорбуттара. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын производстватыгар 1963 сылга дылы үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Кэлин эһээбит өлүөр дылы  «Дьэнкэрэ» алааска олорбуттар. Бултаан, сайынын ньирэй көрөн, хонуу үлэтигэр, окко үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кэлин 1963 сылга дылы сылгыһыт буола сылдьыбыта.

Андрей Егорович 6 оҕолоох, онтон 2 уол, 4 кыыс, элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх, хос хос сиэннэрдээх. 1964 с. ыам ыйыгар өлбүтэ.

Кини на5араадалара: «Германияны кыайыы иьин», «Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэрдээх. Ону таһынан «Материнская слава» I, II, II I степэннэрэ мэтээллэринэн, Улуу кыайыы 30, 40, 50 сылларынан юбилейнай мэтээллэринэн, Улуу кыайыы иһин, тыыл бэтэрээнэ диэн түөскэ кэтиллэр анал знагынан уонна араас элбэх грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыта. Бу барыта биһиги эбэлээх, эһэбит олорон ааспыт олохторун, улэлэрин-хамнастарын туоһулара буолар.

М. Шестакова, Саха политехническэй лицей 5 «В» кылаас