Семёнова Дария Гаврильевна (1927 г.р.)

Мин хос эбээм Семёнова Дария Гаврильевна, муус устар 1 кунугэр 1927 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. А5а дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр үгүс ыарахаттары көрсөн, элбэх олох уустуктарын этинэн-хаанынан билбит тыыл, улэ бэтэрээнэ, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ,эбээтэ, хос эбээтэ. Хос эбээм сэрии кэмигэр  Мэҥэ Хаҥалас, Чыамайыкы нэһилиэгин «Ворошилов» аатынан холкуоска үлэлээбитэ. Чыамайыкы нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, «Ытык ийэ»бэлиэ, «Ийэ5э албан аат» I,II, III истиэпэннээх мэтээллэр, «Саха Өреспүүбүлүкэтин бочуоттаах кырдьа5аһа», «Ийэ5э урдук махтал» бэлиэ хаһаайкалара буолар.

 

Автор: А.Ноговицына, 2″а» кылааһын үөрэнээччитэ