
Семенова Дарья Михайловна (1926 г.р.)
Мин хос эбэм Семенова Дарья Михайловна 1926 сыллаахха муус устар ыйга Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ бутэһик оҕонон төрөөбутэ. Аҕалара эрдэ өлөн, хос эбэбит Даайыс ийэтин уонна 5 бииргэ төрөөбүттэрин кытта 1932 сыллаахха Ханалас улууһун Улахан-Аан сэлиэнньэтигэр көһөн кэлэллэр.
Сэрии ыарахан кэмнэригэр 1942 сыллаахха хос эбэм колхозка улэлии барар. Кини ыарахан үлэттэн кутаммакка, тымныыны-итиини аахсыбакка, аччыктыыры тулуйан, утуйар уутун умнан улэлээбитэ. Кыһынын субан сүөһүнү көрөрө, мас кэрдэ тыаҕа тахсара. Саас бааһынаҕа бурдук ыһыытыгар үлэлиирэ, сайын от үлэтигэр биир бастыҥ от охсооччунан сылдьыбыта. Күһүнүн бурдук хомууругар үлэлиирэ. Хос эбэм уҥуогунан улахана да суох буоллар, бэйэтин кыанар, илиитигэр күүстээх, түргэн туттуулаах этэ. Кыһалҕа тирээбит кэмнэригэр дьүөгэтин кытта атыыр сылгыны айааһаан көлүйэллэр эбит. Эбэм улэҕэ дьоҕурдаах буолан куруук инники куөҥҥэ дьон хайҕабылыгар сылдьыбыта.
Хос эбэм Дарья Михайловна 1946 сыллаахха таһаарыылаахтык улэлээбитин иһин “А5а дойдуну көмускүүр Улуу сэрии 1941-1945 сылларыгар килбиэннээх уонна бэйэни харыстаммат үлэтин иһин” Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии бүппүтүн да кэннэ учугэй улэтин иһин араас элбэх наҕараадалардаах уонна үбүлүөйнэй мэдээллэрдээх.
Хос эбэм Семенова Дарья Михайловна мин ийэм эбэтэ буолар, кини 5 оҕо амарах ийэтэ, 13 оҕо тапталаах эбэтэ, 2 оҕо хос эбэтэ этэ, билигин да хос сиэннэрэ элбии тураллар.
Мин хос эбэбин куруук ахтабын-саныыбын, кини миигин куруук үөрэтэрэ-такайара, таптыыра, кини сырдык мөссүөнэ өрүү сүрэхпэр чугас. Мин хос эбэбинэн киэн туттабын, кини аатын түһэн биэрбэт гына үчүгэй үлэһит киһи буола улаатыахпын баҕарабын.
Автор: Хос сиэнэ Ю.Алексеев