Семенов Семен Николаевич (1928 г.р.-)

Ахтыы

Мин хос эһэм Семенов Семен Николаевич II  1928 сыллаахха балаҕан ыйын 14  күнүгэр  Хаптаҕай нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Семенова (Абрамова) Марфа Ивановна (1897 с.т.) Мэнэ-Хаҥалас оройуонугар бастакы Герой ийэ  буолар. Аҕата Семенов Николай Саввич Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран эргиллибэтэҕэ, геройдуу охтубута. Эбэбит Марфа Ивановна 11 оҕолоох огдообо хаалан оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруорбута.

Сэрии сут сылларыгар хос эһэм (12-16 саастаах) бииргэ төрөөбүттэрин кытта колхуос туох баар үлэтигэр күүстэрэ кыайалларынан улахан дьону кытта үлэлэһэн кыайыыны уһансыбыттара.

Хос эһэм үлэтин 1950 сыллаахха I Хаптаҕай нэһилиэгин сэкирэтээринэн саҕалаабыт эбит (трудовой киниискэтэ туоһулуур), онтон 1952 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын оскуолатыгар үөрэнэ киирбит уонна 1955 сыллаахха  тыа хаһаайыстыбатын оскуолатын  бутэрэн агроном  идэтин ылан төрөөбут Хаптаҕайыгар улэтин саҕалаабыт. 1970 сыллаахха кооперативнай техникумҥа үс ыйдаах курсу бүтэрэн Хаптаҕайга сельпо аһыллыбытыгар онно соҕотуопсугунан көспүтэ (отону, сир аһын, оҕуруот аһын, тириини уо д.а.туталлара). Сельпоттан уурайан баран совхозка  үлэлээбитэ. Сайынын арыыга оттоон, звеноводтаан оҕолору оттотор этэ, кыһынын  «Эһэ Бүтэйигэр» сылгы аһатан, фуражирдаан  кыстыыр этэ. Олохтон туоруор диэри нэһилиэк бүтэйин субуотунньугун аҕам дьаһайсан- салайсан кэлбитэ. Нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттар этэ, мунньахтарга сылдьан тыл этэн нэһилиэк үлэтин- хамнаһын  туруорсара, быыбар хамыыһыйатын солбуллубат  чилиэнинэн үлэлээбитэ, политиканы билэрэ – керере, биригээдэлэргэ- звеноларга  политинформацияны тэрийэн ыытара.

Хаптаҕайбыт сирин-дойдутун билэр буолан эдэрдэри сири -уоту билэргэ үерэппитэ. Сир хамыыһыйатыгар үлэлээн дьоҥҥо сири сыһыарарга кини теһүү күүс буолан кэлбитэ. Сааскы халаан уута кэлэригэр хамыыһыйаҕа киирэн  уу кэлиитин -барыытын бириэмэтигэр сводканы биэрэн иһэрэ, совхоз сүөһүтүн-сылгытын дьаһайсарга сүүрэрэ – көтөрө.

Хос эһэм хос эбэбин Ларионова Матрена Васильевнаны көрсөн 1956 сыллаахха ыал буолан 3 оҕону төрөтөн Хаптаҕай нэһилиэгин биир үтүө-мааны ыала буолан олорбуттара. Хос эбэм 7 сыл Майаҕа акушеркалаан, Хаатылымаҕа фельдшердаан аҕабын кытта холбоһон Хаптаҕайга киирэн балыыһаҕа фельдшердаан, онтон 25 сыл тухары Хаптаҕайдааҕы тулаайах оҕолор дьиэлэригэр детдомна фельдшерынан эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Мин хос эһэм олус хаһаайыстыбаннай этэ, эрдэ туран-олорон, киллэрэн-таһааран, оһоҕун оттон, хаарын күрдьэн, дьиэтин  таһын сиппийэн, чаанньыгын өрөн, хортуоппуйун буһаран баран биирдэ хос эбэбин уонна биһигини уһугуннаран туруортуур этэ. Хос эбэм туран күөрчэҕин ытыйан чэйдээн баран хотонноругар иккиэн тахсаллар этэ. Хаһан даҕаны  мастара- муустара быстыбат этэ. Эһэм олус чэнчис-ыраас, сууммут-тарааммыт киһи этэ. Таҥаһын-сабын аккуратнайдык таҥнан сылдьарын сөбүлүүрэ. Мээнэ элбэҕи саҥарбат этэ. Оҕолорун-сиэннэрин элбэххэ үөрэппитэ.Тэлгэһэтигэр туох баар хаһаайыстыбаннай тутуулары бэйэтэ көрөн саҥарда-тута, өрөмүөннүү сылдьара. Хос эһэм Семен Николаевич балыктыырын олус сөбүлүүр этэ, саас уу кэллэҕинэ илим үтэн биьиги ыал сибиэһэй күстэҕи наар сиир этибит, дьоҥҥо бэрсэн, аймахтарбытыгар түҥэтэн элбэх ыалы үөрдэр этэ. Аны хас кыһын аайы биир кэбиһиилээх оту атынан хаста да кырынан бэйэтэ тиэнэр этэ, онно туһах иитэн биьиги ыал куобах этин амсайар этибит. Хос эһэм оһолго түбэһэн суох буолбута номнуо 25 сыл буолбут эбит. Хос эһээм хос сиэннэммит дьолун кып-кыратык амтаһыйан бараахтаабыта.

Хос эһэм Семен Николаевич туһунан табаарыһа Назаров Николай Семенович ахтар: «Сэмэн наһаа сымнаҕас майгылаах, чиэһинэй бөҕө, ордук хоһу саҥарбат, үлэһит бастыҥа. Үчүгэй фуражир этэ. Кыбыы айаҕын биирдэ да аспатаҕа. Хаптаҕайга 1973 сыллаахха көһөн кэлбиппэр Сэмэн мин наставнигым этэ. Кини Хаптаҕай сирин-уотун, барытын ааттаан билэрэ, арыыга хас биирдии сири тыыста барытын билэрэ. От  күрүөтүн  олус хаачыстыбалаахтык  тутара, күрүөтүгэр кыһын туох да чугаһаабат этэ, оннооҕор бүүчээн да киирбэт этэ. 1958 сыллаахха колхоз холбоһуутугар оттообут отторун туппутум, Сэмэнниин от мээрэйдиир этибит, Сеня отун туттахпына оппут тахсыылаах буолар этэ, Сеня куубун 40 – 45-нэн ылара. Оту бэрткэ кээмэйдиирэ. Мин киирэн оттору тутан иһэрим».

Былыргы дьон олус да үтүө суобастаах, чиэһинэй олоҕу олорбут эбиттэр. Аны дьонум олус үтүө санаалаах буолан кыаммат-тулаайах  аймахтарыгар, атын да дьоҥҥо өрүүтүн көмөлөһө сылдьаллара. Хос эһэм от оттоһон, от тиэйэн биэрэн, тыраахтар булан от тиэйтэрэн, идэһэ өлөрсөн, атынан дьон наадатын илдьэн-аҕалан, толорон, өссө атынан устудьуоннары уҥуор Табаҕаҕа таһан элбэх дьон махталын ылбыта.  Кинилэр олорбут олохторун билигин оҕолоро уонна сиэннэрэ, хос-сиэннэрэ салҕыыбыт. Дьоммут бааллара буоллар  хос сиэннэриттэн күннэрэ-ыйдара тахсыа этэ.

 

Автор:  К. Арчын, ученик 8г класса