Седалищев Дмитрий Захарович 

 

Болтоҥо нэһилиэгин урукку «Кыһыл Үүнүү» колхоз члена

Седалищев Дмитрий Захарович 1942 сыллаахха балаҕан ыйыгар күүс өттүнэн көһөрүү туһунан тугу өйдүүрбүн суруйан эрэбин.

Ахтыы

Бу харах уулаах трагедия 1942 с. атырдьах ыйын эргэтиттэн саҕаламмыта. Ити бириэмэҕэ мин «Хатараайы» үрэххэ 12 киһилээх «Быыдара» үрэххэ 8 киһилээх звеновод буолан оттуу сылдьар этибит. Ол сырыттахпытына биир хараҥа түүн суоччутунан Николай Маркович Кладкин 2 ыҥыыр аттаах тиийэн Кэбээйи оройуонугар көһөр буоллубут, Овком уурааҕынан Чурапчы оройуонун 73 колхоһуттан 41 колхоһа көһөр буолла, ол көһөр сыалбыт диэн Кэбээйи оройуонугар тиийэн балык колхоһа буолан .?. балыгынан хааччыйан олорор буоллубут. Онон ким да тугу да утары этиэ суохтаах. Сүөһүбүтүттэн кэтэн сүөһүнү илдьэ барабыт, отто(орто) сүөһүттэн адьас аҕыйах ынаҕы, үгүһү (оҕуһу) эрэ илдьэбит. Онон ким да тугу да эппэт, мөккүспэт уураах тахсан дьаһал барыта бүтэн турар. Колхозтары эһэр комиссиялар тахсан үлэлээн эрэллэр онон түргэнник хомуна охсун диэн буолла. Онон ыраас халлааҥҥа этин эппитин курдук соҕотохто аймалҕан буолла, ытаһыы-соҥоһуу да элбэҕэ. Сарсыарда туран «Быыдара» үрэххэ баар дьоммутун мин баран 3 атынан көһөрөн аҕаллым. Онтон салгыы чэйдээн эрэ баран дойдубутугар киирдибит. Оттообут оппут бугул бугулунан, субуу субуунан таах хаалла. Адьас хонноору олордохпутуна «Сталин» колхозтан Дмитрий Васильевич Кривошапкин оппутун тута тиийдэ. Биһи 2 түүннээх күн айаннаан дойдубутугар киирбиппитигэр дьоммут көһөр тэлиэгэбитин бүтэрэн эрэллэрэ. Онон бокуойа суох көһөр аакка киирдибит. Биир тимр тэлиэгэ, биир мас тэлиэгэ, икки дүлүҥү эрбэн көлүөһэ оҥорон онон 4 тэлиэгэ аҕыйах ыҥыыр аттаах айаҥҥа турдубут. Бэстээх 8 хонон. Көллөҥө талаҕын быыһыгар сүөкэнэн онно эмиэ күһүҥҥү тымныыга онно эмиэ отуута да балаакката да суох 8 оннубут. Онтон борохуоппут дьэ кэлэн хааланан уонча хонугу быһа айаннаан Бүлүү өрүһүн үөһээ баһыгар «Бакыр-биэрэгэ» диэҥҥэ тиийэн сүөкэннибит. 30.10.1942 с. киэһээ, ол түүн харыс хаар батыччы түһэн бу дойдубут үөһээ Мукучу наслега икки колхозтаах дойду биэрэктэн ыраах баҕайы биһиги «Кыһыл Үүнүү» колхоһу «Стаханов» диэн нэһилиэк кииниттэн 4 км колхозка онно сордонон тиийбиппит кэннэ аны дьиэбит суох буолла. Хаста эмэ кырынан 3 өтөҕү ыйан биэрдилэр. Олору оҥорон сөхсүйэн оһохтоон, оронноон нэһиилэ 5-6 хонон олохпутун буллубут. Биһигини эмиэ күүстэринэн «Чолбон» колхозка холбоон «Коммунизм» диэн ааты ылынан колхоз тэрийдилэр. Аччыктааһын, ыалдьыы бу олохпутун оҥостууттан саҕаланна. Мин тулаайах быраатым .?. 2 оҕолоох ынахтаах, 1 миҥэ биэлээх көлүйэн барбытым. Бэстээххэ киирэн Кэбээйигэ от суоҕун истэн биир оҕолоох ынахпын атыылаан кээстим, биир борооскум борохуотка аара өлбүтэ, ону баарса тойоно өрүскэ бырахтаран кээстэ. Кэбээйигэ тиийэн баран хантан да от булбатаҕым, инньэ гынан ынахпын нэһиилэ 4-5 хонукка туруоран баран өлөрөн сиэн кээспитим. Хоргуйан олорор дьукаахтарбар бэрсэн аҕыйах хонуунан бутээппит. Этэ, куҥа да суох буолбут, бурдук да от да олох көстүбэт, олохтоохтор эн харчыгын ылан тугу туһаныахпытый дииллэр. Магазин буоллаҕына таҥастан атыны тугу да биэрбэт. Чэйи, табааҕы, бурдугу барыта нимиит дииллэр. Олохтоохтор наар балыгынан аһыыллар, араас лыыба, сыма, бэс субата, кыыл этэ аһылыктаахтар. Балыктааһыҥҥа муҥха, сирдьит биэрбэккэ саҥа дьыл чугаһыгар диэри туох да суох, балык суох да нимиит бородуукта олох суох, онон хоргуйуу, ыалдьыы бокуойа суох барбыта. Мин тымныйан сэбиргэхтэтэн ый аҥара курдук сыппытым. Ол бириэмэҕэ байыаннай учуот буолбута, онно кыайан барбаҕым, ону дезертиирдээтэ диэн баайсан хаайа сылдьыбыттара. 4 ый кэриҥэ хаайан баран Якутскай түрмэтиттэн босхолообуттара. Онтон онно төннүбэтэҕим, дойдубар тахсан …комбинтка үлэлээбитим. Ол мин кэлтим кэннэ сүүрбэттэн тахса киһи хргуйан өлбүттэр этэ. Мин баарбар тохсунньу тымныытыгар «Лааҕымалар» диэн 3 кыра күөллэртэн 3 күн тонна аҥардыыта курдук балык ылбыппыт, онтон күҥҥэ 10-нуу собону үлэһиттэргэ биэрбиттэрэ. Ол этэ дьэ маҥнайгы булка тиксиибит. Уонна олох мэлийбиппит, сааһыары «Чымаадай» диэн улахан күөлгэ миигин санныбынан халыҥ мууһу алларан муҥхалаабыппыт. Онно даҕаны 2-тэ, 3-тэ эрэ сүрдээх кыра кыратык балык ылбыппыт. Онно 5-тии собо биэрэллэр, туох оппутун барытын рыб-трескэ илдьэн туттаран иһэллэр да туох да продукта аҕалбаттар. Абаансабыт сабыллыбатах аатыран иһэр, итиннэ кыһыннары-саастары барыта эргэ, хаалбыт өтөх ампаардарын ыраастаан мууһунан сыбаан, тимир оһох олордон дьиэлэнии буолар, ол да иһин тымныйыы, ыалдьыы, аччыктааһын барыта буола турар, онон өлүү-сүтүү наһаа элбээбитэ, биһиги колхоз олох да аҕыйах киһилээх барбыппыт, онтон .?. көмөтүнэн 12 оҕо, улахан ьнтон 11 киһи ордон кэлбиппит. Ол иһиттэн 4 киһи хаайыынан эргийэн кээлтэ. Онон киһи киһиэхэ сатаан кэпсээбэт ынырыктаах эрэйи, алдьархайы көссөн эргийбиппит. Киһи сурукка да ситэн өйдөөн кыайан киллэрбэт эрэйдэрэ, алдьархайдара буолталаабыта. Бу барыта оччотооҕу былаас сыыһа дьаһала этэ. Бу ахтыыны суруйдум Болтоҥо наслег олохтооҕо, үлэ, тыыл ветерана, 79 саастаах, оччотооҕу Кыһыл үүнүү колхоз члена Седалищев Дмитрий Захарович.

 

15.09.1999с.

скан рукописи

Автор: С.Скрябин 7б кылаас