
Седалищев Дмитрий Захарович (1921-2003 гг.)
Мин хос эһэм, Седалищев Дмитрий Захарович – сэрии, үлэ, тыыл бэтэрээнэ. 1921 с. балаҕан ыйыгар Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр, Захар Егорович Седалищев уонна Марина Михайловна (Куличкина) Седалищева дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүт. Оҕо эрдэҕинэ хараҕынан көрөрө куһаҕан буолан, Армияҕа барартан босхолоон кэбиспиттэрэ. 1942 сыллаахха сайын сут-кураан сатыылаан, сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ, ыраах үрэххэ оттуу сырыттахтарына, хоту оройуоҥҥа көһөр буоланнар, төттөрү ыҥыран аҕалбыттар. Отчуттар дьиэлэригэр кэлэн түүн аҥаара эрэ утуйан баран сарсыарда туран Кэбээйигэ барар буолбуттара. Биир тимир тэлиэгэ, биир мас тэлиэгэ, икки дүлүҥү эрбээн көлүөһэ оҥорон онон 4 тэлиэгэ аҕыйах ыҥыыр аттаах айаҥҥа турбуттар. Аллараа Бэстээххэ тиийэн аһаҕас халлаан анныгар 8 хоммуттарын кэннэ бааржа кэлэн ылбыт. Алтынньы 30 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр кэлэн түспүттэр. 1944 сыл саас Кэбээйиттэн тыыннаах хаалбыттар дойдуларыгар төннөн кэлитэлээн барбыттара. Дмитрий Захарович аймахтарын кытары быраатын бастакы кэргэнин илдьэ эмиэ дойдуларын булбуттара. Эһэм ол ыар кэми суруйбут ахтыыта билигин биһиэхэ баар.
Автор: А.Захарова, 1 «В» кылаас.