Саввинова Варвара Ивановна (1931-2006 гг.)

Саввинова Варвара Ивановна 1931 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Ньурба Үөдэйигэр төрөөбүт. Биэс саастааҕар ийэлээх аҕата өлөннөр эдьиийинээн  тулаайах хаалбыт. Варвараны Үөһээ Бүлүү Мэйигиттэн Уйбаан Саабыс диэн атыыһыт киһи ииттэ ылан Мэйиккэ аҕалбыт. Эдьиийэ чугас Оҥхой диэн нэһилиэккэ Мэссэйдэр диэн ыалга иитийэх кэлбит.

1941 сыл сэрии саҕаланыаҕыттан аас-туор, аччык кэм саҕаламмыт. Үлэни кыайар эр дьон сэриигэ ыҥырыллан бараннар, колхоз үлэтэ барыта оҕо, дьахтар, кырдьаҕас дьон чараас санныларыгар сүктэриллэр. Варвара оччолорго 10 саастаах кыысчаан бэйэтин саастыы оҕолору кытары түүннэри-күнүстэри бурдук үүннэриитигэр оҕус сиэтэн сир тиэрэллэрэ, күһүн быһыллыбыт бурдук хомуйаллара, бурдук тардар мэлииһэҕэ оҕус үүрэллэрэ. Күннээҕи үлэ кээмэйин биригэдьиир аныырын бүтэрэ сатаан сордоноллоро. Аны ас кэмчи буолан, аччыктыыллара бэрдиттэн кутуйах хасааһын булан сиир эбиттэр.

Сэрии саҕана таҥас-сап да суох, онон ким аччыктаан, ким тоҥон ыалдьан өлөн ыал ыалынан эстэллэрэ.

Онтон салгыы Варвара аны ыанньыксыттыыр. Ынахтары бэйэлэрэ хомуйан күҥҥэ түөртэ ыыллара. Оччолорго “тигииһит” үөн элбэҕэ бэрт буолан, ынахтар тигиилээн сүтэн хаалаллара, ону эт атахтарынан бэйэлэрэ көрдөөн булан аҕалаллара. Үлэһит илии тиийбэт буолан, оҕолор наһаа элбэҕи үлэлииллэрэ. Биирдии бэйэлэригэр 15 ыанар ынах ньирэйдэринээн тиксэр эбит, онон холбоон 30 сүөһүнү көрөн, аһатан уһун күн устата хотонтон тахсыбаттара. Сайынын атах сыгынньах үлэлииллэрэ, атахтара тоҥноҕуна ынах иигэр тоһуйан сылытта түһэллэр эбит. Ынах тириитэ этэрбэстэрин харыстаан мээнэ кэппэттэрэ. Уопсайа 4 ыанньыксыт Сэдэҥ, Куоҕастаах, Күөттэни Бэрэтигэр сайылыыллар эбит.

Варвара Ивановна үйэтин тухары колхозка, совхозка ыанньыксыттаабыта.

Аҕа дойду сэриитин кэмин оҕото, Улуу Кыайыы туһугар тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит Саввинова Варвара Ивановна бу орто дойдуга ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, сиэннэрин көрсөн сирдээҕи олоҕу дьоллоохтук олорон ааспыта.

 

 

 

Автор: С.Н.Николаева