
Протодьяконова Парасковья Николаевна (1933 г.р.)
Парасковья Николаевна 1933 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууьун Дьабыыл нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.
Ийэтэ Борисова Матрена Ивановна, аҕата Лыткин Николай Сидорович. Ийэтэ 12 сааьыгар хараҕа катаракта ыарыыга ылларан икки хараҕыттан мэлийбит.
8 саастаа5ар А5а Дойду сэриитэ са5аланан ийэтинээн холкуоска улэ5э киирэн кыайыы туhугар улэлээн-хамнаан барбыта. Кыра о5о диэн улэттэн ча5ыйбакка улахан дьону кытта бииргэ улэлээбитэ. Оннук 8 сааhыттан тыылга улэлээн о5о сааhы билбэккэ да хаалбыта.
Нээдьэгэй диэн сиргэ 3 сыл олорбуттар. Кыайыы үөрүлээх солунун хоту үрэххэ олорон истибиттэр.
Эбээбит 13 оҕону улаатыннаран олох суолугар атаарбыта. Бары араас идэни быһылаан Республика араас муннуктарыгар ыал буолан олороллор.
На5араадалара: «Герой ийэ», «Улэ уонна тыыл бэтэрээнэ», «Кыайыы 60 сылыгар мэтээл», «Кыайыы 70 сылыгар мэтээл».
Автор: МОБУ ЯГНГ им. А.Г. и Н.К. Чиряевых