
Тихон Тихонович Прокопьев (1906-1972), тыыл, сэрии бэтэрээнэ
Мин аҕабынан эбээм Матрена Николаевна Прокопьева (Николаева) 1921 сыллаахха Амма улууһун Болугур нэьилиэгигэр Николаевтар диэн элбэх оҕолоох ыалга (Омоллоон диэн аҕа ууһа) төрөөбүтэ. Ол эрэн кыра сааһыттан Чыамайкы (билигин Мэҥэ –Хаҥалас улууһа) нэһилииэгин Григорьев диэн киһитигэр иитиллэн улааппыта.
1939 сыллаахха Амма улууһун Лээги нэһилиэгиттэн эһээм Тихон Тихонович Прокопьев Чыамайкыга тиийэн Матрена Николаевнаны кэргэн ылан Лээгигэ аҕалбыт. Ити сыл иккиэн Лээгиттэн Амма өрүс өрө баран Үөһээ Аммаҕа Модут диэн үрэҕэр тиийэн 3 сыл устата балаакканан олороннор улахан стратегическай тутууга Амур – Дьокуускай айан суолун тутуутугар улэлээбиттэрэ. Онтон Лээгигэ кэлэн колхозка сүөһу көрүүтүгэр, ыанньыксыттаан үлэлээбитэ.
Эьээм Амур – Дьокуускай суол тутуутугар үлэлээн кэлэн баран 1943 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр Чурапчытааҕы байыаннай комиссириат ыҥырыытынан армияҕа ыҥырыллан Забайкальеҕа сулууспалаабыта. 1945 сыл сайыныгар Забайкальеттан Монголияны туораан Япония сэриитигэр кыттан, бала5ан ыйыгар Японияны кыайыы буолан, ити сыл сэтинньи ыйыгар “Японияны кыайыы иһин” диэн мэтээллээх дойдутугар Лээгигэ эргиллэн кэлбитэ.
Ити сыллар тухары эбээм Матрена Николаевна Лээгигэ олорбута, “Чкалов” колхозка ыанньыксыттаан , сэрии ыарахан кэмнэригэр тыылга үлэлэһэн кыайыыны уһансыбыта. Иистэнньэҥ мааныта, туос иһит арааһын, дьоҥҥо түүлээх таҥас, бэргэһэ, үтүлүк тигэр этэ. Иискэ кини сатаабатаҕа суох эбит. Аны асчыт мааныта — ас арааһын, килиэп, лэппиэскэ, баахыла, бэрэски астыырын дьонум кэпсииллэр.
Эһээм кэлбитин кэннэ колхозка Оонньоойу, Харбалаах, Чараҥ учаастактарынан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ. Эһээм прораб курсун бүтэрэн өр сыл Лээгигэ, Чакырга тутууга прорабынан эмиэ улэлээбитэ, кини салалтатынан оскуола, клуб, хонтуора дьиэлэрэ, хотоннор тутуллан өр сыл турбуттара.
1967 cыллааахха Амма оройуонун Чакыр нэьилиэгэр Лээгиттэн көһөн киирбиттэрэ уонна Чакырга олорбуттара. Матрена Николаевна оскуола интернатыгар поварынан, Тихон Тихонович тутууга, онтон сүөһү күрүүтүгэр үтүө суобастаахтык улэлээбиттэрэ. 8 оҕону төрөтен, улаатыннаран билигин оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Чакырга, Өнньүөскэ, Аммаҕа, Дьокуускай куоракка олороллор, үөрэнэллэр, үлэлииллэр.
“Матрена Николаевна кэргэнинээн өйөһөн, оҕолорун кытта сүрдээх иллээхтик олорбуттара. Мин Мотуруоналыын күһүн аайы сир астыырбыт. Айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ. Өрүү үлэлии – хамныы сылдьар, дьоҥҥо көмөлөһөр, үтүөнү баҕарар, сүрдээх киэҥ, баай дууһалаах киһи этэ”, — диэн педагогическэй үлэ бэтэрээнэ Евдокия Ивановна Сергеева ахтар эбит.
«Тихон Тихонович Прокопьев ураты тулуурдаах киһи этэ. Ону ыйыттахха, биһиги Төгүлтэлэр (Лээги нһилиэгин этиллэр) үрэх баһын дьоно буоллахпыт, инньэ Алдан бириискэлэринэн эргийэр этибит диирэ”,- диэн краевед, сэрии, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ Семен Дмитриевич Лонгинов кэпсиир эбит.
Итинник эбээм тыыл бэтэрээнэ Матрена Николаевна уонна эһээм тыыл, сэрии бэтэрээнэТихон Тихонович Прокопьевтар туруук улэһит дьоннор үлэлээн-хамсаан, оҕолорун иитэн, үлэһит оҥортоон олорон ааспыттар.
Мин эбээлээх эһээбинэн киэн туттабын, кинилэр ааспыт үйэҕэ ыарахан кэмнэргэ улэлээн-хамнаан, ыал буолан, оҕолонон урууланан дьоллоохтук олорон ааспыттарын өйдуу-саныы сылдьыаҕым.
Автор: А.Прокопьев, 10 “а” кылаас