Хос эбээм Прасковья Прокопьевна Харитонова (1918-1981)

                                                

Тыылга кыайыыны уһансыбыта.

Ийэ –күндүттэн күндү киhи

Кини баар буолан орто дойдуга кэлэбит.

Кэннигэр хаалларбыт кэнчээри ыччата

 

Үүнэбит, сайдабыт,олоҕу уһансабыт!

 

Хос эбээм Габышева Прасковья Прокопьевна 1918 сыллаахха, тоҕус оҕолоох Габышевтарга үһүс оҕонон күн сирин Мэҥэ нэһилиэгэр көрбүт.  Кини  биэс кылааһы үөрэнэн бүтэрбит, салҕыы үөрэммэтэх. Ону дьоно да модьуйбатахтар,  сулумах  бэрэсэдээтэл уол Харитонов Никон Михайлович (мин хос эһээм) кэргэн кэпсэппитигэр, 1936 сыллаахха  сөбүлэһэн кэргэн биэрбиттэр.

Хос эбээм уонна оҕоломмут, үс оҕото олох кыраларыгар олохтон барбыттар. Эдэр ыал холбостохторун утаа, кэргэнин аймахтарыттан биир суорҕан-тэллэх ыарыһах киһини  көрбүттэр, сотору ыарыһахтара тыына быстаахтаабыт. Аны эмиэ хос эһээбит таайа сэриигэ барбытыгар, уол оҕо тулаайах хаалбытын, кинилэр ылан ииппиттэр.   Бэрэсэдээтэл ойоҕобун диэн, олорботох, төһө да кыра оҕолоннор колхуоска үлэлээбит. Хос эһээбит бэрэсэдээтэл киһи колхуоһугар дьахталлары үлэлэтээри, дьааһыла аспыт, бастаан онно, кэлин сэрии бириэмэтигэр колхуос оҕуруотугар үлэлээбит. Никон Михайлович остулубуой тэрийэн, онно оҕуруот аһылыга эбиликтээх дьону аһатан, сутаан өлүү тахсыбатах. Онно махтанан Балыктаах олохтоохторо Кыайыы 65 сылыгар Никон Михайловичка анаан өйдөбүнньүк памятник туруорбуттар. Бу памятник аҥардас хос эһээбит эрэ үтүөтэ буолбатах, киниэхэ көстүбэт-биллибэт күүс-көмө буолбут хос эбээбитигэр эмиэ ананар. Кини дьаныардаах үлэтэ сыаналанан  Сталин төбөтө мэтээллээх  уонна  икки “Материнская слава”  мэтээллэрдээх.

Прасковья Прокопьевна ыраас, чэнчис, түргэн туттуулаах, кыайыгас буолан, кэргэнэ дьиэҕэ-уокка түбүгүрбэккэ, өйүн-санаатын үлэтигэр анаабыт. Аны  бэрэссэдээтэл  буолан  колхозка  кэлэр-барар  дьон  бары  кинилэргэ  аһыыр, хонор  эбиттэр.  Хос эбээлээх эһээм сүрдээх иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттар, кинилэр кыыһырсан, этиһэн, бурайсан оҕолоругар  көрдөрбөтөхтөрө эбитэ үһү. Прасковья Прокопьевна кэргэнин тылын, сүбэтин ылынарга, ытыктыырга оҕолорун үөрэтэрэ. Кэргэнэ булдуйан кэллэҕинэ, ыалларыгар бэрсэн, оҕолорунан тастарара. Ыаллара махтанан үөрэллэриттэн, кинилэр эмиэ үөрэллэрэ. Аны аймах-ыалдьыт баралларыгар хайаан да кэһиилээн ыыталлара, биһиэхэ үгэс буолбут. Кинилэр иккиэн барытын сүбэнэн оҥороллоро.

Никон Михайлович балта сулумах учуутал кыыс,убайа туттаран аспыт оскуолатыгар  ʏлэлии  кэлбит,  ол  эдьиийбит  Ксения Алексеевна этэ. Кини 1949 сыллаахтан дьоммутун кытта  бииргэ олорбут. Хос эһээбит  балтын ыал буоларыгар сʏбэлиирэ да,  эдьиийбит   таптаабыт уола сэрииттэн  төннʏбэтэх, ол иһин кэргэн тахсыбатах.  Онон кини аӊардас сылдьарыттан, убайа аах  1 уолларын  киниэхэ анаабыттар. Бу кинилэр Ксения оҕото-уруута суох хаалаары гынна диэн хорсун  санаалара эбит. Эдьиийбит  кэлин хос эһээбит туhунан кинигэҕэ ахтыытыгар убайдаах, саӊаhыгар улаханнык  махтанан  суруйбут этэ.  Дьоммут,  эдьиийбитигэр ʏлэлииригэр туох баар услуобуйаны тэрийэннэр, кини  айымньылаахтык  таhаарыылаахтык учууталлаан, элбэх общественнай ʏлэни ыытан  кэлбитэ. Чахчы  да Прасковья Прокопьевна ис-иhиттэн  мындыр буолан, олох бэйэтиттэн туспа майгылаах Ксенияны кытта тапсан олорбут.  Учуутал киһи буолан үтүөтэ  мин эбээбин уонна кини бииргэ төрөөбүттэрин үөрэхтээх дьон буолалларыгар кыһамньыта этэ.

Хос эбээбит барахсан ыраас, тургэн-тарҕан туттуулаах,  кʏҥҥэ  2-тэ  мөндʏлʏөнэй биэдэрэнэн тиэстэ охсон килиэп буhарара, элбэх киhиэхэ онто биир эрэ күҥҥэ тиийэрэ.

Төӊʏлʏгэ  көhөн  киирбиттэрин кэннэ абаҕалара Баhылай, оскуолаҕа киирэр саастаах уолун илдьэ кэлэн олорсубут.   Кини  ыарытыйар  буолан, өллөхпʏнэ уолбун  быраатым ʏөрэттэриэ диэн санааттан кэлбитэ чахчы.  Ол, курдук дьоммут  бэйэлэрин  7 оҕолорун таhынан 2 уолу ииппиттэрэ.    Аhыылларыгар уhун остуолга баппат эбиттэр.  Өрүү сүөhү иитэллэрэ, онно хос эбээм  чэбэр, ыраас туттуулаах киһи хотоӊӊо кэтэр  таӊаhа туhунан буолан, киниттэн хаhан да хотон сыта  кэлбэтэ, үүтэ-аhа, күөрчэҕэ, суората хаhан да хос амтана суох буолара,.   комуодугар сууйан өтʏʏктээн,  таӊаhын олох кинигэни уурбут  курдук  сааhылаан  уурара эбитэ үһү.    Прасковья Прокопьевна асчыт бэрдэ,  ордук бурдук аhа табыллар, минньигэс буолара үһү. Кини куобах сʏллэҕинэ,  оҕолоругар  эр-биир куобах кулгааҕын биэрэрэ,  кус  оhоҕоhун, куртаҕын  ыраастаан хобордооххо соккуойдаан сиэтэрэ туhунан минньигэс ас буолара. Күнү быһа  үлэҕэ мискиллэр буолан оҕолоругар  кытаанах,  ирдэбиллээх  буолара.   Бэйэтэ ситэ үөрэммэтэх буолан оҕолоро үөрэҕи ылалларыгар  баҕарара. Ол курдук үс уолаттар орто үөрэҕи бүтэрэн, тутуу үлэһиттэрэ бэртэрэ буолтара. Туөрт кыргыттарыттан үһэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн ситиһиилээхтик үлэлээн хайы сах пенсионердар. Төрдүс  кыра кыыһа орто үөрэҕи бүтэрэн,  библиотека үлэһитэ буолбута.

Сүүрбэ аҕыс сиэн, уонна элбэх хос сиэн күн сирин көрбүттэрэ. Элбэх оҕо ийэтэ, сиэннэрин, хайаларын да куускэ атаахтаппатаҕа эрээри олус сымнаҕас сыһыаннааҕа,  кинилэр үөрэхтээх дьон буолалларыгар кыһаллан сиэн көрсөрө. Онон эбээ дьолун эмиэ билэн, олохтон барыар диэри сынньалаҥ диэни билбэккэ, сылаас сыһыанын,уҕараабат кыһамньытын сиэннэригэр  бэлэхтээбитэ.

Элбэх оҕолоох, эппиэттээх үлэлээх кэргэннээх, үлэттэн илиитин араарбатах, үрдүк ситиһиилэммэтэх, саха ыалын борустуой ийэтэ. Маннык ийэлэр элбэхтэр.  Хос эбээбит барыга бары ирдэбиллээх, ылсыбытын ситэрэр, ыраас чэбэр туттуута биһиэхэ оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр тиийэ бэриллибит.  Ол курдук кини биһиэхэ сырдык сулус, үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруоҕа.

Кыайыы  80 сылынан  олорон ааспыт дьоммут  олоҕун, ордук элбэх оҕолордоох күн-күбэй  ийэлэр барахсаттары, кэргэттэригэр өрүү өйөбүл, тирэх, сэрии, сут кыһарҕаннаах кэмигэр үлэлии-үлэлии   оҕолорун биэбэйдээн киһи-хара гынан, кыайыы туһа диэн нарын санныларыгар  туох баар ыарахаттары тэнҥэ сүкпүттэри ахтар, саныыр, үйэтитэр ытык иэстээхпит!

Хос эбээм уонна эһээм 1936 с.

 

Прасковья уонна Никон Харитоновтар сэттэ оҕолорун кытта. 1965 с.

 

 

Ахтыыны оҥордо хос сиэнэ А.Иванова 7 «б» кылааһын үөрэнээччитэ.