Потапова Анна Николаевна (1934 г.р.)

Мин хос эбээм Потапова Анна Николаевна 1934 с. От ыйын 12 кунугэр 1 Малтааны нэһилиэгэр Тонулаа5ар төрөөбүтэ. Сэрии буоларыгар кини 7 састаах оҕо эбит. Уҥуо5унан улахана бэрт буолан хос эбээбин улахан дьону кытта холкуоска бииргэ тэҥҥэ үлэлэппиттэр. Сыарҕалаах оҕуһунан бэйэтэ от – мас тиэйэр эбит. Наһаа ыарахан сыллар аспыттара диэн кэпсиирэ. Үс кылаас үөрэхтээх. Үөрэнэр сирэ ырааҕа бэрт буолан уонна ыал улахан оҕото буолан ийэтигэр көмөлөһөөрү 3 кылааһынан үөрэнэн бүппүтэ. Ол да буоллар хос эбээм, ийэм этэринэн наһаа учугэй буочардааҕа, сыыһата суох суруйара, наар кинигэ, хаһыат ааҕара.

Хос эбээм сэрии кэмин оҕото буолар. Кини сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбитэ.

Мин хос эбээбинэн киэн туттабын. Кини Улуу Кыайыыга оҕо да буоллар сэмэй кылаатын киллэрбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин элбэх почетнай грамоталардаах, мэтээллэрдээх, тыыл бэтэрээнэ.

 

Автор: Хос сиэнэ Д.Сорова, ученица 1 класса.