Посельская Александра Терентьевна 

Сэрии диэн тыл хас биирдии киһини, оҕону дьиксиннэрэр. Биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит оҕо саас диэни билбэккэ, эрэйи-муну көрөн-билэн улааппыттара.

Мин эбэм Посельская (Большакова) Александра Терентьевна 1945 сыллаахха, балаҕан ыйын 22 күнүгэр күн сирин көрбутэ. Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Үлэ бэтэрээнэ, «Сэрии о5ото» диэн мэтээл үрдүк сүгээччитэ. Биэс оҕо истин ийэтэ, биэс сиэн амарах эбээтэ.

Сэрии кэннинээҕи ыар сыллар кыһалҕаларын этинэн-хаанынан толору билбитэ. Эрдэ аҕата суох хааланнар, ийэлэригэр күүс-көмө дьонноро кинилэр эрэ этэ.

Сэрии кэннинээҕи олоҕу эбэм бу курдук ахтар: «Ол кэмнэргэ олох-дьаһах олус ыарахана, кыра эрдэхпиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппытым. Аччыктыырбыт диэн эмиэ баара. Уерэх ылаары Тыытты алаастан 4 биэрэстэлээх сири сатыы хааман үөрэнэ барарбыт. Аара испит аһыайар диэри хаптаҕас сиэн, туустаах турнуопуһунан тотон үөрэ-көтө оскуолаҕа тиийэрбит. Аны сүүрэн кэлэммит хотоҥҥо сүөһү көрөбүт, күтүөппэр Байбалга ынах хомуйсан көмөлөһөбүт, этэрбэстэрбитин харыстаан устабыт, атах сыгынньах сылдьабыт. Атахпыт тонноҕуна ынах сыппыт сиригэр иттэрбит».

Амарах ийэ, эйэ5эс эбэ, чугас дьонугар сүбэ-ама, күүс-көмө буола олорор. Эбэм доруобай буоллун өссө да уһуннук олордун!

Д. Тарский, 6 кылаас