
Попова Татьяна Егоровна
Мин ийэм эбээтэ, мин хос эбээм Попова Татьяна Егоровна тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ,”Ийэ буолуу” 1-2 истиэпэннээх мэтээллээх, ,Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэлии хоодуот быһыы “эстэпиэтэ кыттыылааҕа,Эстафета” Материнского подвига” сибидиэтилистибэтин ылбыт,Арассыыйа” Дьиэ кэргэн эрэллээх буолуу “Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммит,”Ытык ыал” Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит, Баатара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо .
Хос эбээм 1935сыл ахсынньы 4 күнүгэр Баатара нэһилиэгэр,”Ырыал” өтөҕөр төрөөбүтэ.Ийэтэ, Сергучева(Колесова) Матрена Ивановна,аҕата Сергучев Егор Тимофеевич борустуой холкуостаахтар этэ.Аҕалара 1942 сыллаахха өлүөҕүттэн ,кини убайынаан Киэсэлиин(Иннокентий Егорович Сергучев )соҕотох ийэҕэ тулаайах хааланнар,эрэй бөҕөтүн көрөн,сэрии, сут-кураан, аччыктааһын кыһалҕатын эҥэрдэринэн тэлэн, олус ыарахан олоҕу олорбуттара.Төрөөбүт өтөхтөрүгэр оҕо саастара ааспыта.Сэрии сылынааҕы оҕолор.
Татьяна Егоровна 1950-с сыллар саҕана Дьоруой Попов аатынан сопхуоска үлэлээн саҕалаабыта.Оччолорго хас биирдии сыллара “быһаарыылаах “буолаллара.Ол сылларга үлэ бөҕөтө үлэлэммитэ. Хос эбээм уонча сыл ньирэй көрөөччүнэн,ыанньыксытынан,оҕо саадыгар,оскуолаҕа тех.үлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн,дьон ытыктабылын ылбыта.
“ Ийэбит дьиэ кэргэн көмүс биһигэр алта оҕону бигээн,күн-түүн бүөбэйдээн, атахпытыгар туруоран, дьоллоох оҕо сааһы билбиппит. Дьоммут наһаа харыстаан,маанылаан улаатыннарбыттара. Барыбытын үөрэхтээн,ыал оҥортоон,талан ылбыт идэлэрбитинэн үчүгэй үлэһит дьон гына иитэн-такайан таһаарбыт улахан үтүөлээхтэр.
Ийэбитинэн наһаа киэҥ туттабыт, астынабыт.Биһиги ийэбит ыраас,түргэн тутуулаах,аһыныгас, атын дьоҥҥо үтүөтэ элбэҕиин.Ийэбитигэр наһаа махтанабыт, кини биһиги олохпут суолун оҥоһуутугар наһаа улахан оруоллаах ,-диэн ахтар эбээм. Татьяна Егоровна, Артем Степанович Поповтар алта оҕо күн күбэй ийэтэ,амарах аҕата,сиэннэр эбэлэрэ,эһэлэрэ хос сиэннэр хос эбээлэрэ,хос эһээлэрэ.Хос эбээм,хос эһээм үтүө суобастаахтык үлэлээн, дьон ытыктабылын ылбыттара, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ.
Мин хос эбээбин,хос эһээбин көрбүт,билбит дьоллоохпун.
Автор: З. Ева, ученица 4 б класса