
Попова Татьяна Ефимовна
Мин хос Эбээм Попова Татьяна Ефимовна, 1932 сыллаахха,Ахсынньы 20 күнүгэр Ленскэй , Ньүүйэтигэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕоннон төрөөбүтэ. Сэрии саҕаланарыгар Эбээм Таанньа баара суоҕа 9 саастааҕа.Кини Аҕатын Попов Ефим Хрисампевыһы сэриигэ атаарбыттарын кэпсээччи. Элиэнэ өрүс биэрэгиттэн сэриигэ барааччылар борохуокка олорон усталларын ,атаарааччылар ытаһа -соҥоһо хаалаллар үһү.
Холкуоска үлэһит илии тиийбэт буолан, ол саҕана оҕолор улахан дьоннуун холкуоска үлэлээн үлэ күнүн аахсаллар эбит. Мин хос эбээм Таанньа эмиэ сайынын от үлэтигэр, күһүнүн эриэхэ хомуйуутугар, кыһынын атынан от-мас тиэйээһинигэр үлэлээбит. Уонна Ийэтинээн фроҥҥа ыытарга куобах тириитин имитэн үтүлүк, куллуку тигэр этибит диэн кэпсиир этэ.Уонча саастааҕар улахан дьоннуун окко үлэлииригэр, «бу кыыс лэппиэскэтэ минньигэс»-диэн куруук миигиннэн лэппиэскэ астатааччылар диэн кэпсиир этэ.Ол курдук биһиги хос эбээбит оҕо сааһа үлэ үгэнигэр ааспыта.Сэрии да кэнниттэн холкуоһугар ат баайааччыннан үлэлээбит уонна дьамсыыгынан үлэлээбит үһү. Улаатан ыал буолан биэс кыыс оҕону төрөппүтэ. Эһээм эмиэ сэрии кэминээҕи оҕо этэ. Эһээбит ыарыһах буолан, эрдэ олохтон туораабыта. Онон Эбээм эдэр сааһыгар огдообо хаалан соҕотоҕун кыргыттарын атахтарыгар туруортаабыта. Эбээм элбэх мэтээлинэн, хайҕабыл суруктарынан наҕараадаламмыта. Сталин төбөтө мэтээллээх этэ. Итинник оҕо сааһа ааспыт буолан Эбээм наһаа үөрүнньэҥ, ыарахаттартан чугуйбат, эр санаалаах этэ. Кини баара суоҕа түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх этэ. Дьоно нэһилиэктэн ыраах олорор буоланнар үөрэттэрбэтэхтэр. Оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ угуйуллубут буолан сатаабата суох этэ. Өр кэмҥэ Элгээйи интернаат оскуолатыгар поварынан үлэлээбитэ.Иистэнньэҥ бэрдэ буолан, дьоҥҥо унтуу, саҥыйах, бэргэһэ тигэн эбии үбүлэнэн оҕолорун атахтарыгар туруортаабыта.
Уонна биһигини барыбытын үөрэххэ үлэҕэ, чиэһинэй буолууга, тулуурдаах буолууга үөрэппитэ. Мэлдьи үөрэ-көтө сылдьара. Миигин элбэх былыргы сахалыы ырыаҕа үөрэппитэ. Оннук ыллыы туойа, уһансыбыт дьоллоох олоҕун олорон 2020 сыллаахха 86 сааһыгар бу олохтон туораабыта. Биһиги бары оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Эбээ Таанньаннан киэн туттабыт.
Автор: А. Сон, ученица 8б класс