Попова (Лакомска) Мария Ивановна (1930 г.р.)

Мин хос эбээм Попова (Лакомска) Мария Ивановна сэрии саҕаланыыта 10  саастаах этэ. Кини 1930 сыллаахха Белоруссияҕа Витебск уобуласка Полоцкай оройуонугар Кривоевщина диэн дэриэбинэ5э дьадьҥы бааһынай ыалга төрөөбүтэ.  Алдьархайдаах уоттаах сэрии аймаан, үөрэҕи ылбакка хаалбыта. Оҕо сааһа сэрии ыар кэмигэр ааспыта. Сэрии буоларын кытта, аҕаларын бастакы хомуурга сэриигэ ыҥырбыттара. Ийэлэрэ 4 оҕону кытта бэйэтэ хаалбыта. Хос эбээм кыра эрдэҕиттэн ыарахан үлэҕэ үлэлээн барбыта: колкозка окко үлэлээбит, ынахатры ыыллар, мэчирэҥтэн хомуйаллар эбит. Улаатан эрэр оҕолор элбэхтэ сорудахха сылдьаллара.

Ийэлэрэ сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри үлэлиир. Оҕолорун үчүгэйдик көрбөт да этэ, үлэттэн ордон. Аҕалара сэрииттэн төҥнүбэтэҕэ.

Мин хос эбээм сотору кэминэн тастыҥ эдьииййин кытта Полоцкий куоракка барсыбыта. Эдьиийин кэргэнэ сэриигэ командир эбит, кини эдьиийигэр оҕо көсүбүт. Эдьиийэ тимир суолга стрелочнигынан үлэлээбит. Сэрии кэмигэр ыарыы бөҕө турбут. Онно Москваттан «Кыһыл кэриэс» быраастара кэлбиттэригэр, икки кыыһы көмөлөһөөччүүннэн ылбыттар. Онтон биирдэстэрэ мин хос эбээм. Кинилэри сандружинаҕа киллэрбиттэр. Онтон Москва быраастара барбыттарыгар, байыаннай госпитальга санитарканан үлэлээбиттэр. Онно үлэлии сылдьан  Саха Сириттэн сылдьар, Германияҕа тиийэ сэриилэспит Белоруссияҕа сулууспалыы сылдьар Таататтан төрүттээх Николай Гаврилович Попову кытта билсэр.

Хос эһээбин кытта биир сыл билсэн, доҕордоһон баран, 1949 сыллааххаПолоцкий куоракка ыал буолаллар. 1949 сыллаахха хос эһээс сулууспалаан бүтэр. Онтон Саха Сиригэр дылы  үс аҥаар ый айаннаан кэлэллэр.

Кинилэр ҥдь сыл бииргэ олорон, 13 оҕону төрөтөн, элбэх сиэннэр, хос сиэннэр билигин кинилэр олохторун салҕыыллар.

Хос эбээм Мария Ивановна Попова сэрии кэнниттэн пенсияҕа тахсыар диэри Таатта Уолбатыгар балыаһаҕа санитарканан, детсадка ньээҥкэнэн үлэлээбитэ. Кини үлэ, тыыл бэтэрээнэ, элбэх юбилейнар мэдээллэрдээх, Герой-ийэ, «Таатта улууһун ытык кырдьаҕаһа «знак хаһаайката.

 

 

Автор: А.Данилова