Попов Василий Павлович (1927 г.р.-)
Василий Павлович Сунтаар улууһун, Хадан нэһилиэгэр тохсунньу 14 күнүгэр 1927 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Бэйэтин олус кыанар, күүстээх, сыыдам киһи этэ. Дьон-сэргэ «Күүстээх Боппуок» диэн ааттыыллара.
Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр колхозка үлэлээн «1941-1945 Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» диэн мэтээллээх.
Сэрии кэннэ 1957 сылтан Сиэйэ нэһилиэгэр «Элгээйи» совхозка тутуу үлэтигэр онтон Түбэйгэ фермаҕа субай сүөһүнү көрүүгэ үлэлээбитэ. Сайынын оттоон, ыанар ынахха бостууктаан, кыһынын сүүһүнэн сүөһүнү аһатан, атынан от тиэйэн, хотон ис-тас үлэтигэр күүһүн харыстаабакка сылдьыбыта. Сунтаар оройуонугар бастыҥ үлэһиттэр ахсааннарыгар киирбитэ. Кэлин Ньурба Маарыгар тракторист үөрэҕэр үөрэнэн Түбэй-Дьаархаҥҥа идэтинэн совхоз ыһыллыар диэри эҥкилэ суох үлэлээбитэ.
Кэргэнэ Попова Фекла Потаповна тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Аҕыс оҕолоохтор.
Автор: Я.Эрдин, ученик 5 г класса