Попов Май Гаврильевич (1933  г.р.)

Ыам ыйын 1 күнугэр 1933с Алексеевскай оройуонун Уолба нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Аҕа дойду сэриитин ыар кэмнэригэр ааспыта. Аччыктааһын, эрэй-сор кэмнэригэр кыра оҕолор улахан дьону кытта тэҥҥэ ыарахан үлэҕэ үлэлииллэрэ. Бииргэ төрөөбүт 9 этэ. Ол кэмҥэ оҕо турбат этэ… Бииргэ төрөөбүт кыра уолаттартан улаханнара буолан, үлэҕэ күүскэ уһуйуллубута. Кыра эрдэҕиттэн бултаан, сир астаан дьонугар туһалыыра, уһанарын сөбүлүүрэ. Архивнай справканан көрдөххө, 1942-1958 сылга дылы “Калинки” холкуоска Уолба нэһилиэгигэр оскуолаҕа үөрэнэр сааһыттан ыла үлэлээбит. Чурапчы училищетыгар үөрэнэ сылдьан, үлэҕэ баһыйтаран, ситэ бүтэрбэккэ тутуу үлэтигэр үлэлиир.

1954с Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгэр тутуу биригээдэтигэр үлэлэтэ аныыллар. Онно сылдьан олоҕун аргыһын Львова Александра Захаровнаны көрсөн ыал буоланнар, Уолбаҕа тиийэн олохсуйаллар.

1959 с Ходороҕо көһөн кэлэллэр. Ол сылдьан Ходоронон Рассолоданан сүөһү, оҕуруот үлэтигэр үлэлии сылдьыбыт.
1960с саас 1 Тыыллыма нэһилиэгэр (Лоомтукаҕа) тутуу биригээдэтигэр ананан, онно көһөн тиийэллэр. Кэлин Лоомтука бөһүөлэгэр школа баар буолан уонна детсад арыллан олохсуйан хаалбыттар.

1960 с 1973с диэри школа, гараж, мастерской тутуутугар үлэлээбит.

1972 с Дулҕалаах фермата тутуллубут – саҥа сайылык, хотон, дьиэ тутуллубута.

Килбиэннээх үлэтин иһин бочуоттаах грамоталарынан, премиянанан наҕараадаламмыта.

Лоомтука нэһилиэгэ сайдыытыгар элбэх сыратын уурбута.

1973с РАЙПО-ҕа үлэҕэ киирэн, маҕаһыыны тутуу биригээдэтигэр биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Тутууну түргэнник кэмигэр бүтэрэн улахан хайҕалы ылбыта, ол туоһута бочуоттаах грамоталара буолаллар. Туппут маҕаһыыныгар үлэҕэ киирэн, кыһынын кочегарынан, сайынын оттук маһынан хааччыйан, 1985 с дылы үлэлээбитэ.
1981 с совхуоска үлэлии киирэн, сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ таһаарыылаах үлэтин иһин махтал суругунан наҕараадаламмыта.
Ол кэнниттэн 1993 с дылы субан сүөһү көрүүтүгэр туох баар күүһүн кыаҕын биэрэн туран сыалын-соругун чиэстээхтик толорбута, ити үлэтин сырата бочуоттаах грамотанан туоһуланан сылдьар.

1993с совхоз ыһыллан, уу ылар скважинаҕа үлэҕэ киирэр. 1994 с бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар.

1997с — «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээлинэн бэлиэтэммитэ («За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг» АК №539109 от 30.01.1997 М-К МА Ф.1. Оп2. Ед.хр.11)
2003с – “Нэһилиэк бочуоттаах гражданина”

Мин хос эһээм Май Гаврильевич 8 о5о амарах аҕата, 14 о5о эһээтэ, 20 тахса хос сиэннээх, 2 хос-хос сиэннээх. Эһээбит кэриэс тыллара, сүбэтэ-амата үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүл буолан хаалыа диэн эрэнэбин.

 

 

Автор: Ларионов Коля, ученик 4 класса.