Петрова Мария Николаевна (1915 г.р.)

 

Мин хос эбээм тыыл бэтэрээнэ, сэрии огдообото

Ийэм эбээтэ, мин хос эбээм Петрова Мария Николаевна 1915 с. Сунтаар улууһугар Бүлүүчээн нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн, тулаайах аҥардаах хааланнар үөрэммэтэх. Кини Петров Николай Львович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан олордохторуна уоттаах сэрии туран кэргэнэ, оҕолорун аҕата, бастакы хомуурга сэриигэ барбыт.  Хос эбэм 4 оҕотунаан: улахан оҕото 5 саастааҕа, онтон 3, 1 саастаахтар, саамай кыратын беременнэй хаалбыт. Кыыс оҕо төрөөбүтүн, кыайан көрүөҥ суоҕа диэн кэргэнин эдьиийэ көрдөөн ылбыт да кыратыгар тымныйан өлөөхтөөбүт. Аҕалара сэриигэ баран иһэн Сунтаарга көрдөһүү сурук  суруйан хаалларбыт эбит, кэргэним уу кырбас кыра оҕолордоох, үлэтэ суох хаалла, онон үлэ буларыгар  көмөлөһүҥ, диэн суруйбут. Бу суругу хос эбэм өлбүтүн кэннэ биир сиэнэ архыыптан булбут.

Сунтаартан болумуочунай тахса сылдьан оскуола остуораһынан үлэлии сылдьар сэбиэт бэрэссэдээтэлин кэргэнин эһиги дьоҥҥутун иитэр кыахтааххыт диэн остуораһыттан тохтотон, мин хос эбэбин оскуолаҕа остуораһынан  үлэҕэ ылбыттар. Бэйэлэрэ дьиэтэ суох, ыал туруорбах балаҕаныгар олорор буолан оҕолорунаан оскуолаҕа биир хоско көһөн киирбиттэр. Урукку остуорас үлэтэ сүрдээх элбэх, ыарахан үлэ эбит. Оскуола 8 оһоҕун отторун таһынан, дьиэ сууйуута эмиэ киирэрэ. Оһохторун бэйэтэ эримиэнниирэ, оһох да тутара, аны сайынын кирпииччэ үктээн, уматан  бэлэмниирэ. Итини таһынан остуораска саһаан охсоругар ахсаанын этэн туран сорудах биэрэллэрин, атын тэрилтэ остуораһын кытта кыттыһан мас кэрдэн, эрбээн оҕуһунан тиэйэллэрэ. Бу 8 оһоҕу халлаан тымныытыгар киэһэ уонна сарсыарда отторго мас хайытыыта, көтөҕүүтэ, улахан оскуола сууйуута, барыта мин эбэм дьарамай санныгар сүктэриллэрэ. Сороҕор саһааннара бүтэн ыксал буоллаҕына саһаанын оҕуһунан бэйэтэ ойууртан тиэйэн киллэрэрэ.  Аны сайынын сүөһүтүгэр  бэйэтэ отун охсон, мунньан, кээһэн оттоноро. Бэйэтэ хотоно суох буолан ыалга көрдөһөн хотонноноро. Хос эбэм аҕата мас, тимир, көмүс ууһа эбит, аҕатын мындыра бэриллэн, ийэтэ эрдэ өлөн да буолуо, эрдэттэн иистэнэ үөрэммит эбит, инньэ гынан түүннэри ыһыырынньык уотугар дьоҥҥо элбэхтик  иистэнэр эбит. Эрдэ ийэлэрэ өлөн тулаайах аҥардаах  хаалбыт тастыҥ  бырааттарын таҥастарын тигэн, абырахтаан абыраталаабытын үөрэхтэнэн үлэһит буолбут бырааттара улахан махталынан ахталлара. Сэрии буола турар буолан олох аһара ыараханын ким да муҥатыйбакка баарынан ылынан, ыарахан олоҕу үҥсэргээн көннөрбөтүн, сыччах үлэлээн эрэ тыыннаах хааларын дьон өйдүүр кэмнэрэ этэ. Ол курдук хос эбэм сиэннэригэр ол кэминээҕи олоҕун сүрдээх истиҥник ахтан кэпсиирэ үһү.  Ити курдук сэрии ыар кэмнэрин инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, аччыктааһыны, хоргуйууну эттэринэн хааннарынан билэн, этэҥҥэ туораан оҕолоро бэйэ бэйэлэрин бүөбэйдэһэн, бурдук тардар көмө дьоно буола улааппыттара. Аҕалара сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, сураҕа суох сүппүтэ… Хос эбэм саамай сөбүлүүр, ис иһиттэн үөрэр бырааһынньыга Кыайыы күнэ эбит.

Хос эбэм оҕолоро бары быр — бааччы олохтоох ыал буолан элбэх сиэни, хос сиэннэри көрсөн 1997 сыллаахха дьоллоох, эйэлээх олоххо олорон 83 сааһыгар бу олохтон барбыт. Бу орто дойдуга биһиги эбээлэрбит, хос эбээлэрбит, төрүттэрбит, өбүгэлэрбит баар буолан биһиги баарбыт, кинилэргэ махталбыт, тапталбыт өрүү баар буолуо.

 

Автор: Т.Шадрина, ученица 3 класса.