
Петров Иван Лукич (1924-1994гг)
Петров Иван Лукич Күһүн 1924 сыллаахха Чурапчы оройуонун, Танда Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Электромонтер-радист курсугар үөрэммит.1941-1945 сылларга Чурапчыга “Промартель” диэн тэрилтэҕэ, столярынан үлэлээбит. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар!» луоһун туох-баар олох уонна үлэ хайысхатын салайара. Оччотооҕу олох сүнньэ – “былааннаах экэниэмикэ” – сэрии кэмигэр норуот күүһүн күүрдүүгэ улахан көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ.
Иван Лукич Петров, мин ийэм өттүнэн хос эһээм, тыыл бэтэрээнэ. Кини сэрии сылларыгар, 17 саастаах уол, илиитигэр талааннааҕын көрөн Чурапчы сэлиэнньэтигэр «Промартель» диэн тэрилтэҕэ столярынан ылаллар. Сэриигэ барбат гына «бронь» биэрэн үлэлэтэллэр. Бу тэрилтэҕэ араас хайысханан үлэлииллэр эбит, атах таҥаһын оҥорууттан саҕалаан араас кээмэйдээх уһааттары оҥорооччунан, онтон да атын оҥорон таһаарар тэрилтэ буолар эбит.
Мин хос эһээм, Иван Лукич 1924 сыллаахха колхозтаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Хаахтай диэн тимир ууһа киһи эбит. Ыалдьан эрдэ өлбүт. Хос эһээм Танда Бахсыта диэн сиргэ төрөөн, онно оскуолаҕа үөрэнэн бүтэрэригэр ийэтэ күн сириттэн күрэнэн, тулаайах хааланнар, кыра бырааттарын Чурапчыга детдомугар ылбыттар. Сэрии саҕаланыыта, хос эһээбин илиитигэр дьоҕурдаагын көрөн, сэриигэ барбат гына бронь биэрбиттэр. Промартыалга саппыкыһыт, уһаат оҥорооччунан, буурка тигээччинэн үлэлэлиир гына ылбыттар. Сэриигэ ыҥырыы саҕаламмытыгар, Чурапчы военкоматыгар тиийбитигэр, броньнааххын диэн ылбатахтар. Онтон кэнники военкомакка хас ыҥырыы буоллар эрэ, тиийэн стройга туран истэҕин аайы, сыыйан иһэллэрэ үһү. Промартыалга таһаарыылаахтык үлэлээн Сталин мэтээлэ орденынан наҕараадаламмыт. Кэнники куоракка электромонтер-радист үөрэҕэр үөрэммит. Сэрии бүтүүтэ Бахсыга толоон участагар Островской аатынан колхозка үлэлии киирэр. Толооҥҥо саҥа кэлбит локомотивы үлэлэтиигэ, уот линиятын тардыыттан саҕалаан, уоту биэриигэ, пилорама үлэлэтиитигэр, бурдугу астатыы курдук эппиэттиинэстээх илии ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха хос эбээбин Местникова Матрена Гаврильевнаны көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, ыал буолан, сэттэ оҕоломмуттар.
1957 сыллаахха Чурапчы Чыаппаратыгар көһөн олохсуйаллар. Майатааҕы ЛГУ диэн тэрилтэҕэ 4-с разрядтаах сибээс линейнай монтерунан үлэҕэ киирэн. Электростанциянан уот биэриитигэр Чыаппараҕа үлэлиир. Онно монтерунан эрэ үлэлээбэккэ, олохтоох радиостанцияны үлэлэтиигэ кытта үлэлээбит. Хомуур былдьаһыктаах кэмигэр, суол-иис суоҕар, комбайны Бэстээхтэн Чыаппараҕа дылы сүүрдэн аҕалбыт.
Мин хос эһэм Иван Лукич сатаабата диэн суох үһү. Мотоцикллары өрөмүөннүүртэн саҕалаан, оһох оҥорооччу, этэрбэс уулларааччы, иистэнэр массыынаны, таҥас сууйар массыынаны, телевизор антенатын дэриэбинэ олохтоохторугар көмөлөһөн өрөмүөннээн биэрэр эбит. Ол быыһыгар, фотоаппараттаах буолан, дьоннору хаартыскаҕа түһэрэн баран бэчээттээн биэрэрэ. 1964 сыллаахха оскуола мастерскойугар киирэн, үлэ урогар оҕолору үөрэппитэ. Онтон кэлин пенсияҕа олорор кэмигэр, оскуола оҕолоругар, кирпииччэ оҥоророр сайыҥҥы үлэ лааҕырын тэрийэе хас да сыл үлэлэппитэ.
Хос эһэм – Иван Лукич Петров элбэх наҕараадалара, Бочуотунай грамоталара, дипломнара, мэтээллэрэ кини үлэтигэр бэрэниилээҕин, сатабалын туоһулууллар.
Үлэ бэтэрээнэ — Гоголева Людмила Ивановна, Т. Новгородов, 8 кылаас