Петров Егор Сидорович 

Биhиги хос эhэбит Петров Егор Сидорович тыыл-үлэ ветерана,  оhуохайдьыт, хомусчут, алгысчыт, тойуксут. «Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина» Петров Егор Сидорович, Лөкөй кыыллаах Лөкөчөөн нэһилиэгэр, Арбаҥда Эбэ хотун, арҕаа өттүгэр олорор Варвара Михайловна, Сидор Прокопьевич Петровтарга 1929 сыллаахха иккис оҕонон кун сирин кербут. Уол оҕо барахсан, удьуордаах суоллаах буоллун диэн алҕаан туран, дьоно Дьөгүөр буоллун диэбиттэр.

Кини оҕо сааһа, ол кэм саҕанааҕы оҕолор курдук кырыымчык олоххо ааспыт. Оскуола олорор сириттэн 5 көстөөх сиргэ Баппаҕаайыга буолан сатыы ыһыгын сүгэн сылдьан үөрэнэригэр ыарахан этэ уонна кыаммат – хотуммат ыал оҕото буолан, икки эрэ кылааһы бүтэрэн баран салгыы үөрэммэккэ уурайарга күһэллибитэ.

12 саастааҕар Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Кыанар, эдэр – чэгиэн эр дьон бары сэриигэ барбыттара. Нэһилиэккэ оҕо, дьахтар, ыарыһах, кыаммат оҕонньоттор хаалбыттара. Онон 12 – лээх уолчаан улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ «Андреев» колхозка үлэлээн уот сэриини, суту-курааны этинэн-хаанынан билбитэ. Ол туоһутунан 1946 сыллаахха Баппаҕаайы оҕолоруттан биир бастакынан Аҕа дойду сэриитин сылларыгар «Килбиэннээх үлэтин иһин»  мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Онтон кэлин «Октябрь суола» колхозка, «Орто Бүлүү» уонна «Баппаҕаайы совхозка пенсияҕа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээн  «Коммунистическай үлэ ударнига», «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа», «Үлэ ветерана» буолбута.

Дьэ, онон Дьөгүөр Сиидэрэбис, бу Орто дойдуга кэлэн Аал уоту оттунан,  Алаһа дьиэни тэринэн олоҕун доҕорунаан, биһиги биhиги хос эбээбитинээн Маарыйалыын бэйэ – бэйэлэрин сүүс – сүүстэринэн өйөнсөн бур – бур буруо таһааран иллээх ыал буолан 50 сыл бииргэ, 12 оҕону төрөтөн, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн , дьоллоох олоҕу олорон ааспыт эбит дии саныыбын. Муударай өйдөөх, үтүө майгылаах, хоһуун үлэһит, айылҕаттан бэриллибт дэгиттэр талааннаах буолан нэһилиэгэр да, улууска да ытыктанар киһи этэ. Билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүтэ буоллар,  үөрэхтээх, улахан үлэһит буолуох этэ.
Сылаас таптал, дууһа иэйиитин саас- үйэ тухары сүрэхпитигэр иҥэрбит, ол, биһиги сүрэхпитигэр мэлдьи баар, ытык киһибит- хос эһэбит Егор Сидорович Петров сырдык мөссүөнүн, үтүө майгытын туһунан үтүө өйдөбүл кэнчээри ыччаттарыгар саас- үйэ тухары тыыннаах буолуо.

 

 

Автор: С.Петрова ученица 2 класса.