Пестряков Гаврил Саввич (1917 – 2010)

 Тереебут сирэ: Пестряков Гаврил Саввич 1917 сыллаахха Уус-Алдан оройуонугар 2-с Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Сэрии саҕаланарыгар 24 саастаах эбит, бастыҥ үлэһит уонна түѳрт тулаайах оҕолору – балтын уонна бырааттарын — иитэр буолан сэриигэ барбатах эбит.

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Аллаах-Үүннэ Охотскай перевозкаҕа таһаҕас таһыытыгар 7-тэ тахса сылдьыбыт сындыллаах айанньыт.

Кыра эрдэҕиттэн тулаайах хаалан , «Октябрь» холхуос тутаах үлэһитэ буолбута , бастыҥ отчут , тутуу үлэһитэ , от үлэтэ . Сэрии кэмигэр уонна сэрии кэнниттэн Аллаах Үүҥҥэ 7-тэ таһаҕас таһыытыгар сыратын-харатын биэрбитэ. Кэлин совхоз биир тутаах үлэһитэ.

Уус-Алдан оройуонун уонна Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэриигэ килбиэннээх улэтин иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Кыайыы 30,40,50,60 сылыгар үбүлүөйдээх мэтээллэр, «Золотая промышленность Якутии» бэлиэ (1977), «Маршал Советского Союза Жуков» мэтээл, «Лена», «Сардана» совхозтар, Уус-Алдан оройонун салалталарын Махтал суруктара, Бочуотнай грамоталара.

Наҕараадалара:

— «1941-1945 сс. үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл,

— Кыайыы 30, 40, 50, 60 сылыгар yбyлyейдээх мэтээллэр,

— «Золотая промышленность Якутии» бэлиэ – 1977с.,

— «Маршал Советского Союза Жуков» мэтээл,

— «Лена», «Сардаҥа» совхозтар, Уус-Алдан оройуонун салалталарын Махтал суруктара, Почетнай грамоталара.

 

Автор: Д. Андросов, ученик 7 класса