Павлова Зоя Гаврильевна (1919-1999)

Мин хос эбэм үлэ, тыыл бэтэрээнэ Павлова Зоя Гаврильевна 1919 сыллаахха Сунтаар улууһун Бүлүчээн нэһилиэгэр  төрөөбүтэ. 1941 с. Аҕа дойдуу улуу сэриитэ саҕаланар кэмигэр хос эбэм Чуона нэһилиэгэр Ленскэй оройуонугар көһөн барар. Манна хос эбэм почтаҕа улэлии киирэр, нэһилиэктэргэ сурук, хаһыат таһааччынан үлэлиир. Сэрии саҕаланан ыарахан олох кэлэн хос эбэм хас да үлэни сэргэ улэлээн, дьоҥҥо көмөлөһөн олорбута.

Бу бириэмэҕэ бултунан дьарыктаммыта, кини кыра эрдэҕиттэн бултуур дьоҕурдаах этэ, ол иһин сэрии кэмигэр бултааһына олус көдьүүстээбитэ. Бу аан дойду ыарахан сылларыгар хос эбэм бултаан нэһилиэккэ улахан көмөнү аҕалбыта. Биһиги саллааттарбытыгар хос эбэм түүлээх сылаас таҥаһынан нэһилиэк олохтоохторун кытары улахан көмөнү оҥорбута.

Сэрии кэмигэр хос эбэм мин хос эһэбин көрсөн ыал буолаллар. Хос эһэм Петров Василий Григорьевич, Сунтаар улууһуттан экспедицияны кытары эдэр комсомол уол буолан тылбаасчытынан кэлэр. Бу геологическай экспедиция сир баайын үөрэтэ-чинчийэ  кэлбитэ.

Эдэр ыал нэһилиэккэ иккиэн үлэлээн  Улуу Кыайыы туһугар улахан көмөнү оҥорбуттара. Хос эбэм мас эрбээһинигэр, сайынын оттооһуҥҥа, таҥас тигиитигэр, сарсыардаттан киэһэ хойукка дылы үлэлээн саамай сиппит сааһа бу кэмнэргэ түбэспитэ.

Сэрии бүтэр кэмигэр  эдэр ыал кыыс оҕолоноллор. Ол да буоллар улэ тохтообот, Улуу Кыайыы туһугар  үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Хос эбэм сэрии кэнниттэн балыыһаҕа асчытынан улэлээбитэ. Бу кэмҥэ иккис оҕоломмуттара, уол  оҕолонон эдэр ыал  үөрүүлэрэ-тапталлара күүстээх буолбута. Ол курдук эдэр сааһыттан араас үлэҕэ барытыгар көхтөөхтүк кыттара, күүс-көмө буолан Аан дойду сайдыытын туһугар олорбута. Мин хос эбэм, ыал ийэтэ буолан кэргэнин, таптыыр киһитин  батыһан араас улэҕэ сылдьыбыта. Хос эбэм күүстээх саналаах, сытыы-хотуу, чөл олоҕу тутуһан олоҕун дьоллоохтух олорон ааспыта.

Тыылга үлэлээн, хос эбэм «Ветеран тыла и труда” уонна “50 лет Победы” диэн икки мэтээл ылбыта.  1999 с. 80 сааһын туолан  баран күн сириттэн барбыта.

Биһиги сиэннэр уонна хос сиэннэрэ хос эбээбит тыылга улахан көмөнү оҥорбутунан киэн туттабыт.

В. Петров,  11 “А” кылааһын үөрэнээччитэ.