
Павлов Иннокентий Ананьевич (1928 г.р.)
Мин хос эhээм, Павлов Иннокентий Ананьевич, 1928 сыллаахха Таатта улууhун Сиэллээх нэhилиэгэр тереебутэ.
1942 сылтан улэтин ыстааhа холкуоска са5аламмыта. Сэрии ыар сылларын кэмигэр бааhына5а улэлээн, о5ус сиэтэн, сайынын окко тубугурбут. Хос эhээм тулаайах буолан улахан эрэйи керен улааппыт.
Павлов Иннокентий Ананьевич (Лөгөнтөй Сото), “Ааспыты санаан…” диэн суруйбут кинигэтигэр сэрии сыллаа5ы кэми маннык ахтар: “Сэрии бүтүө да, тута олох көнүө“, — ыра санаа үөрдэрэ. Ол баҕа санаа туола охсубатаҕа, сэрии алдьаппыт-кээһэппит дойдутун чөлүгэ түһэрэ охсор дэбигис кыаллыбатаҕа…
Мин ол саас орто оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үөрэхпин быраҕан олорорум. Ону: “Комсомол чилиэнэ таах олоруо суохтаах”, – диэн бастаан инвентаризация устар хамыыһыйа чилиэнэ, суруксута оҥостон үлэлэппиттэрэ. Саас ыһыыга баранаҕа, арыт сиэйэлкэҕэ үлэлээн ыһыыны түмүктээбитим. К.Бойтунов диэн олус көнө, үчүгэй сэбиэттээх этибит. Ол киһиэхэ сорук-боллур буолан ”ис түһээн” нолуогун эҥин ыалтан икки солкуобайы хомуйарым. Эмиэ да ааҕар балаҕан диэн биир эргэ ыскааптаах, 90 устуука кинигэлээх тэрилтэ сэбиэдиссэйэ аатыран лозуну кыһыл өрбөххө суруйарым. “Молния” – диэн кыра хаһыаты суруйан фермаларга ыытарым. Үксэ төһө үүт ыаммыта, үлэ-хамнас туһунан буолара. Сороҕор кириитикэтэ сытыы буолара, онно кириитикэлэммиттэр ардыгар сөбүлээбэт түгэннэрэ ханна барыай? Хаһыаты сэбиэтим этэн биэрэн таһаартарара…
Мин ол сэрии сылларыгар Сиэллээҕим нэһилиэгин “Кыһыл күүс” холхуоһугар сайын оттоон-маастаан, 1943 сылтан 1945 сылга диэри эт илиибинэн үлэлэһэн, оччотооҕу дойдум олоҕун син удумаҕалыырым. Ол эрээри оччотооҕу 14-17 саастаах, син ону-маны билэ-көрө-сатыы сыльдьар сааһым этэ буоллаҕа».
Мин хос эhээм 1951 – 1954 сылларга Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Онтон ыла кини улэтэ культура эйгэтин кытта ыкса сибээстэммитэ. Ньурба5а кулууп сэбиэдиссэйинэн, онтон 1953 сылтан пенсия5а тахсыар дылы киномеханигынан урдук кердеруулээхтик улэлээбитэ. Тубуктээх улэтин быыhыгар оройуон, республика хаhыатыгар, сурунаалларыгар ыстатыйалары таhаартарара.
Иннокентий Ананьевич Павлов Акана нэhилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, «СССР кинематографиятын туйгуна», «Отличник социалистического соревнования СССР», «Ветеран тыла и труда», Саха сирин киинэтин ветерана.
Автор: А.Назарова, ученица 2 класса.