Олесов Егор Петрович (1918 с.)

Мин хос-хос эһэм Олесов Егор Петрович 1918 с. бэс ыйын 26 кунугэр Уус-Алдан улууһун Сынаах нэһилиэгэр төрөөбутэ. 1943 с. сэриигэ ыӊырыллан, 1943-1944сс. станковай пулеметчигынан, 1944-1946 сс. горно-миномётнай полкаҕа сулууспалабыт. Бу сылларга Япония утары сэриигэ кыттыбыт. 1946 с. от ыйын 7 күнүгэр дойдутугар тыыннаах сэрииттэн эргиллэн кэлбит. «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн уонна Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн өр сылларга колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Кини 6 оҕоломмут, саамай улахан оҕото Анна Егоровна — мин аҕабынан хос эбэм буолар. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Хос-хос эһэбинэн киэн туттабын!

 

Толордо: Хос-хос сиэнэ Т.Попова, 10 «б» кылааһын үөрэнээччитэ