
Охлопкова Харитина Васильевна
Мин хос эбэм Охлопкова Харитина Васильевна Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии тыылын бэтэрээнэ, Нөмүгү нэһилиэгин Оруос колхуоһун чилиэнэ. “1941 – 1945 сыллларга килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн 1946 сыллаахха наҕараадаламмыт.
Эбэм кэрэнэ Яков Егорович 1941 сыллаахха бастакы хомуурга түбэһэн Ийэ Дойдутун көмүскүү сэриигэ барарыгар үс ыйдаах уол оҕолоох хаалбыт. Ол саҕана Оруос холкуоска хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит. Холкуостарыттан эр дьон барыта армияҕа ыҥырыллан барбыттарыгар эбэбин колхоз бэрэссэдээтэлэ оҥорбуттар. Үөрэҕэ суох дьахтар эрэһииҥкэ бэчээтинэн илии баттаан сүүрбэттэн эрэ тахса чилиэннээх хокуоһун үлэтин-хамнаһын дьаһайан биир сыл үлэлээбит. Онтон 1942 сыллаахха, ус оҕотун хоргуппат баҕаттан, көрдөһөн нуорма килиэптээх үлэҕэ Бахайга селекционнай станцияҕа үлэлии киирбит. Онно тымныы бараахха олорон сайынын араас хара үлэҕэ, кыһынын түөрт кнөн үөс арыыттан, арҕаа тыатан от-мас тиэйиитигэр үлэлээбит. 1944 сыл кыһыныгар үс саастаах кыра уол оҕото тымныйан ыалдьан өлөн хаалбыт. 10 саастаах уола Винокурдуун холкуостарыгар күүстэрэ кыайарынан үлэлии-хамсыы сылдьан 1945 сыл саас өрөгөйдөөх Кыайыы күнүн көрсүбүттэр.
Хос эбэм ол курдук хоодуот үлэтин сыаналаан 1946 сыллааха сайын ыһыахха Сталин барельеба ойуулаах мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Тыыл–үлэ бэтэрээнин аатын чиэстээхтик сүгэн кэлэн хос эбэм кырдьан, 86 сааһын туолан баран 1986 сыллаахха күн сириттэн барбыт.
Автор: Эбээтин кэпсээниттэн суруйбута М.Чупрова, 4 «б» кылаас.