Новгородова Евдокия Петровна 1927 с.т

Мин хос  эбээм  Новгородова Евдокия Петровна 1927 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр Бугуйаска Түҥүр Ыйаабыт диэн сиргэ төрөөбүт. Ийэтин аата чуолкай биллибэт. Аҕата, хос эһээм, Петр Евсеевич Новгородов диэн. Хос эбээм төрөппүттэрэ эрдэ суох буолбуттар. Онон кыра эрдэҕинэ тулаайах хаалбыт. Бииргэ төрөөбүт балтылааҕым диэн ахтара диир эбээм Евдокия Петровна.

Сэрии кэмигэр эбээбит, чороччу улаатан эрэр кыыс, 14 сааһыттан, улахан дьону кытта тэҥҥэ, Дүпсүн нэһилиэгэр, Октябрь колхозка үлэлээбит. Сүөһу көрбүт, бурдук да быһар эбит. Ол ыарахан сылларга,  аас-туор олохтон балта эрэйдээх хоргуйан өлбүт.

«Кыргыттар, Эмиэрикэ бурдугун куулунан дьууппа тиктэн кэтэр этибит» — диэн кэпсиирэ үһү хос эбээм. Ити курдук оҕо сааһыттан күүстээх үлэҕэ эриллэн, чугас дьонун сүтэрэн, кыһалҕалаахтык улааппыт.

Улуу Кыайыы кэнниттэн эйэлээх олоҕу уһансарга элбэх сыратын биэрбитэ. 1960 сыллаахха сөбүлүүр киһитин көрсөн, ыал буолан, тоҕус оҕону иитэн, үөрэхтээх дьон оҥортообуттар. Эдэр сааһыттан Коммунизм колхозка ыанньыксытынан үлэлээбит. 1974 сылтан  Дүпсүн совхозка үлэлээбит.

Хос эбээм, Евдокия Петровна, Материнство 3 истиэпэннээх мэтээллээх. Үлэ5э ситиһиилэрин иһин «Победитель социалистического соревнования» бэлиэннэн, Бочуоттаах грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн наҕараадаламмыт эбит.

1983 сыллаахха, ыарахан ыарыыттан, бу олохтон эрдэ туораабыт.

Мин улааттахпына, хос эбээм төрүччүтүн үөрэтэр баҕа санаалаахпын.

 

С. Гоголева 2г кылаас