Мин хос эбээм, тыыл, улэ бэтэрээнэ Никулина Акулина Дмитриевна бэс ыйын 26 кунугэр 1926 сыллаахха Майыар нэьилиэгэр Абый улууьугар эбээн-булчут дьиэ кэргэнигэр торообутэ. Бииргэ торообуттэр алтыа эбиттэр.
1939 сыллаахха Майыар начальнай оскуолатыгар уорэнэ киирбитэ, ол уорэнэ сылдьан 1941 сыллаахха сэрии буолбутун билбитэ. Ол кунтэн сагалаан ыарахан олох сагаламмыта, ас-танас тиийбэтэ, тыыннаах эрэ хаалар туьугар олорбуппут диэн кэпсиирэ. Ол сагана оскуола оголорун байыаннай уорэххэ уорэтэллэрэ. Сарсыарда ахсын линейка онорон стройдаталлара, кун анаара уорэммиттэрин кэннэ сал5ыы араас улэ5э улэлэтэллэрэ. Ол улэлэрин барытын Кыайыы туьугар аныырбыт диэн ахтан ааьара.
Ас-танас кэмчититтэн ситэ уорэммэккэ эрэ, оскуолаттан эрдэ уурайарга куьэллибитэ. Ол курдук, улахан дьону кытта «Молотов» холкуоска чилиэнинэн киирбитэ, сайын от оттуур, кыьын саьаан маьын кэрдэргэ комолоьор, дьаам суурдээччиннэн улэлээбитэ. Ол кэмнэргэ дьаам улэтэ сурдээх ыарахана, туун-кунус диэн аахсыбаттар уьу. Ол сылдьан, эбии быстах кэмнэ таба итиитигэр бостуугунан улэлээн ылара. Сотору кэминэн 1945 сыллаахха сэрии бутэн, олох тупсан испитэ.
Мин хос эбээм Акулина Дмитриевна 1954 сыллаахха диэри холкуоска араас улэгэ улэлээбитэ. Онтон 1954 сылтан 1987 сылга диэри Майыар нэьилиэгин учаастактаагы балыаьага санитарканнан, поварынан, кочегарынан улэлээбитэ. Ол курдук, мин хос эбээм Никулина Акулина Дмитриевна Кыайыы туьугар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ, утуо суобастаах улэтин иьин «Тыыл бэтэрээнэ», «Улэ бэтэрээнэ мэтээлинэн, элбэх бочуоттаах грамоталарынан, махтал суруктарынан на5араадаламмыта.
Мин хос эбээм ханнык да ыарахан балаьыанньага санаатын туьэрбэт, дьулуурдаах улэьит, утуо, коно, сайагас майгылаага, кыамматы, кырдьа5аьы убаастыыра, айма5ымсах бэйэтин ыччаттарыгар утуо холобуру хаалларбыта. Маннык кэрэ санаалаах, сырдыкка-кэрэ5э дьулуурдаах торуттэрбитинэн биьиги, кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ киэн туттабыт.
Авторы: С.Кузьмин, ученик 1 класса,
К.Кузьмина, ученица 8 класса.