Николаев Михаил Ксенофонтович 28.01.1934 г.р

Мин хос эьээм Николаев Михаил Ксенофонтович тохсунньу 28 кунугэр 1934 сыллаахха Таркаайы нэьилиэгэр Чобуо диэн сиргэ торообут. А5ата Николаев Ксенофонт Григорьевич, ийэтэ Тунгусова Анна Федоровна. Бииргэ торообуттэр сэттиэлэр. Хос эьээм тордус о5оннон торообут. Дьоно Обугэ5э «Сана куус» холкуоска улэлээбиттэрэ. Бэрэссэдээтэл Чорбохов Алексей Николаевич. О5о сааьа Обугэ5э Андындатыгар ааспыт.

1941 сыллааха сэттэтин туолан, Оргуллаах начаальнай оскуолатыгар уерэнэ киирбитэ. Обугэ Оргуллаахтан тэйиччи, кес кэринэ эбит. Куьун халлаан сылаас эрдэгинэ дьиэлэригэр эргиллэн уерэнэллэр. Халлаан тымныйбытын кэннэ холкуоьунай интэрнэккэ олорон уерэнэр буолбуттар. Аьылыктара бэйэлэриттэн, дьиэлэрин-уоттарын остуорас керер истэр эбит. Оробуллэригэр дьиэлэригэр бараллар. Онно баралларыгар суурууннэн сылдьаллара. Дьиэлэрин ахтан буотах, халлаан тымныы буолан. Оччотоо5ута о5о танаьа-саба молтох, эбии аччык сылдьыбыттар.

А5ата 1943 сыллаахха туораахтаабыт. Биир кун куобах сохсолуу барбыт да кэлбэтэх. Хас да хонон баран тонон олбутун булбуттар. Уонча куобахтаа5а уьу… Сэттэ о5о тулаайах буолан хаалбыттар. Хос эьээм сайын о5ус сиэтэрэ, от улэтигэр мунньуутугар сылдьара, арыый обургу буолаат от охсооччу буолбут.

Сэрии сылларыгар уот барыыта элбэх эбит. Кунус оттоон баран туун уот умулларыытыгар сылдьара. Ас-уел кырыымчык. Ыалга бурдук тардан аьыыллара. Куйуурдуур эбиттэр. Куйуур киьи гынаттаабыт. Хортуоска ха5ын сииллэр, кустууллар. Сайын хапта5астаан, отонноон сииллэрэ. Тарбыйах сон, тарбыйах тириитинэн ыстаан оностон кэтэллэрэ. Ийэтэ ыанньыксыттыыра. Оччотоо5у ыанньыксыт ньирэйин бэйэтэ керер, саа5ын таьаарар, отун киллэринэр. Кинилэр ийэлэригэр кемелеьеллере ким тугу кыайарынан. О5уьунан отторун-мастарын тиэйэллэр. Онтон о5уьа суохтар ына5ынан тиэйэллэр. Аттаах ыал олус а5ыйах эбит ол кэмнэ.

Уонча сааьыгар о5уьунан Булуугэ бурдук сиэмэтин тиэйэ барсыбыт. Тоорум о5онньор, Мэхээс, Суедэр Тенкеейеп табаарыьа бааллар. Аара ыалга сынньанан, аьаан ааьаллара.

Сэриигэ барааччыларга арыы биэрэллэрэ, суеьу елерен аьатан, киэьээ дьон мустан оонньоон керулээн атаараллара. Барбыт дьонтон уксулэрэ эргиллэн кэлбэтэхтэрэ. Сэрии кэннинээ5и сылларга тырахтарыыстаан, суеьу улэтигэр сылдьыбыт.

Хос эбээлиин Маайалыын 1959 сыллаахха ыал буолбуттара. Икки уол, ус кыыс оголоммуттар. О5олоро бары ыал буолан улэлии- хамсыы сылдьаллар.

Э.Москвитин. 4 кылаас.