
Никифорова Мария Кирилловна (1914 г.р.)
Биһиги эбээбит, хос эбээбит Үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Никифорова Мария Кирилловна 1914 с. Кыргыдайга «Кэлтээки» диэн сиргэ төрөөбүтэ. Кинини олох кыра эрдэҕинэ аҕатын убайа Кирилэ, оҕотугар өлүүлээх буолан, былдьаан кэриэтэ ылан ииппит. Олус маанылаан, тараҥнатан ииппиттэр. «Киһи кыра эрдэҕинэ, улаатан да истэҕинэ үчүгэй аһылыктаах буоллаҕына кэлин чэгиэн доуруобай буолар» диирэ эбэбит кырдьан олорон.
Кини Кэлтээкигэ дьонноро өлбүттэрин кэннэ, биир ынах сиэтиилээх, кыра оҕо сүгэһэрдээх (биһиги аҕабыт, эһээбит) Алааска барар. Сахаҕа «аас дьыл» диэн өйдөбүл баар. Ол сэрии буолуо 2-3 сыл инниттэн биллэн барбыт.
Алааска сэрии саҕана эр дьон үксэ сэриигэ бараллар, оҕонньор, эмээхсин эрэ хаалаллар. Кыһыны быһа Константинова Мотуруонаны (Кутуйах) кытта икки көстөөх сиртэн от тиэйэллэр. Сайын Оҕотун, Муҥхаарыма, Ураҥаа үрэхтэргэ сылгы сиир отун оттууллар. Сэрии бүтэрин саҕана фермаҕа икки сыл сэбидиссэйдээбит. 80 сааһын ааһыар дылы хотоҥҥо тахсан сүөһүтүн көрөрө. Үйэтин тухары хара үлэҕэ миккиллэн илиитэ эр киһи гиэнин курдуга, хаһан да тугу да гыммакка быар куустан баран олорбот этэ. 92 сааһын туолан баран 2006 сыллаахха бэйэтин дьиэтигэр сытан өлбүтэ.
Сэрии бүппүтүн Улуу Кыайыы туһунан маннык кэпсиирэ: «Кыайыы буолбутун сир солуу сылдьан истибиппит. Онно этэ үлүскэн үөрүү».