
Никифоров Семен Михайлович (1927 г.р.)
Мин хос эhэм Никифоров Семен Михайлович – улэ, тыыл бэтэрээнэ. Кини 1927 сыллаахха Мэнэ-Ханалас оройуонун 2-с Тыыллыма нэhилиэгэр тереебутэ. Ийэтэ Анна хос эhэм олох кыра эрдэ5инэ кун сириттэн барбыта, а5ата – Никифоров Михаил Михайлович (Мэхээ) уонна эдьиийэ Зинаида Михайловна керен улаатыннарбыттара. Ороссолуода5а Хордо5ой диэн сиргэ олорбуттара. Хапта5ай оскуолатыгар 7 кылааhы бутэрбитэ. Хос эhэм Семен Михайлович кыра эрдэ5иттэн улэ5э уhуйуллубута, бултуура, балыктыыра.
А5а дойду сэриитин са5аланарыгар 14 эрэ саастаах уол улахан дьону кытта тэннэ колхозка улэлиирэ: сайын оттоон, куhун оттук мастарын кэрдэн бэлэмнииллэрэ, кыhын ерускэ быhыт быhан балыктаан уонна атынан от тиэйэн колхозка улэлээбитэ. Кыра эрдэ5иттэн бултка-алтка уhуйуллубут буолан сэрии сут кэмигэр куобахтаан, балыктаан элбэх биир дойдулаахтарын аччыктыыртан быыhаабыта, абыраабыта.
Хос эhэм Семен Михайлович 1950 сыллаахха хос эбээбин Елена Титовналыын ыал буолбуттара, 7 о5ону кун сирин кердербуттэрэ. Кини оло5ун тухары сылгыhытынан, сайынын бостуугунан колхозка улэлээбитэ. Учугэй улэhитин иhин ВДНХ боруонса мэдээлинэн на5араадаламмыта. Байанайдаах булчут, балыксыт этэ. Олох хойукка диэри ерускэ сыалыьар балыгы балыктыыра, кустуура, куобахтыыра. Куруутун сыар5алаах атынан сылдьара. Кини саха5а улахан доруобай, куустээх киhи этэ, сытыары сымна5ас майгылаа5а, улэhит бэрдэ этэ. Иллэн кэмигэр до5отторун кытта саахыматтыырын себулуурэ. Биhиги сиэннэрэ, хос сиэннэрэ хос эhэбитинэн киэн туттабыт, кини аатын уйэлэргэ умнуохпут суо5а, куруутун ааттата сылдьыахпыт!
Автор: Т.Рожина, ученица 2а класса.