Назарова Ирина Павловна (1926-1998 гг.)

Назарова Ирина Павловна 1926 сыллаахха 5 маайга Усть Алдаҥҥа оройуонугар Өспөххө төрөөбүтэ. Сэрии кэмигэр эрдэ тулаайах хаалан, ыарахантан саллыбакка үлэлээн, куобах тириитинэн кээнчэ-үтүлүк, бэргэһэ  тигэн сэриигэ ыыталыыр этибит диэн кэпсиирэ. Колхозка дояркаларга көмөлөҺөн сайынын оттоон, икки быраатын атахтарыгар туруорбут.  Эбэм 1959 сылга Ыал-УҺукка кийиит буолан баран совхозка пенсияҕа тахсыар диэри доярканнан үлэлээбитэ. 1980 сыллаахха  Ветеран тыла медалынан наҕараадаламмыта. 5 оҕо амарах ийэтэ, 15 сиэн, 16 хос сиэн. 1998 сылга сэтинньи ыйын 1 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.

 

 

Автор: Г.Левин